Бэс ыйын 28-29 күннэригэр Тааттаҕа П.А.Ойуунускай 130 сааһыгар аналлаах «Үргэл сулус кынаттара» литературнай фестиваль ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ Амматтан улуустааҕы библиотека иһинэн үлэлиир «Айар абылаҥ» литературнай түмсүү кыттан кэллэ. Түмсүүнү иилээн-саҕалаан кравеведческай салаа библиотекара Стручкова Вероника Ивановна илдьэ сырытта.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан литературнай түмсүүлэр икки күн устата маастар кылаастарга, лекцияларга, маны таһынан П.А.Ойуунускай хоһооннорун уус-ураннык ааҕыыга, «Өркөн өй» интеллектуальнай квиз-оонньууга, тута хоһуйуу күрэҕэр кытыннылар.
Айар абылаҥнар хоһоон ааҕыытыгар «Айымньы ис хоһоонун арыйыы» диэн анал аакка уонна «Өркөн өй» күрэҕэр бочуоттаах 3 миэстэҕэ тигистилэр.
Фестиваль ыҥырыылаах ыалдьыттарынан Саха сирин суруйааччыларын түмсүүтүн хотуна, народнай суруйааччы Наталья Харлампьева, биллилээх поэтесса, народнай суруйааччы Наталья Михалева-Сайа, прозаик Елена Слепцова — Куорсуннаах, «Чолбон» сурунаал бас редактора Николай Андросов уо.д.а буолаллар.
Ардах түһэн, суол сырыыта мөлтөҕүн да үрдүнэн, маннык дьоро тэрээһиҥҥэ кыттан, айар куттаах үгүс дьону кытта алтыһан кэлбит абылаҥнар К.У.Уурастыырап аатынан улуустааҕы киин библиотека директорыгар Сутакова Е.М уонна суоппар Иванов Г.Г. дириҥ махталларын тиэрдэллэр.