От ыйын 27 күнүгэр Владимир Галактионович Короленко — демократ суруйааччы, публицист, журналист, общественнай деятель терөөбүтэ 170 сылынан, Аммалар саамай кэрэ бэлиэ, киэн тутта кэпсиир, сынньанар сирбитигэр «Короленко хайатын» үрдүгэр улуустааҕы эко пикник «Эко пикник с Короленко» тэрээһинэ киин библиотека бырайыагын чэрчитинэн, улуустааҕы ыччат управлениятын өйөөһүнүнэн ыытылынна. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар улуус баһылыгын солбуйааччылара В.И. Бураев, Нь.И. Илларионова, куораттан биир дойдулаахпыт,суруйааччы, Саха суруйааччыларын Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, «Илин» сурунаал кыл.редактора О.Г. Сидоров кэргэнинээн Лена Алексеевналыын. Төгүрүк остуолга В.Г. Короленко Аммаҕа сыылкаҕа олорбут кэмнэрин, Саха сирин кытта 20 сыл устата суруйсубут сибээһин, Аммаҕа олорон суруйбут айымньыларын суолтатын, кинини үйэтитии салҕанарын туһунан сэргэх кэпсэтии буолла. Салгыы суруйааччы «Макар түүлэ» диэн кэпсээнин күргүөмүнэн ааҕыы оскуола оҕолоро, ыччаттар, саастаах дьоҥҥо тиийэ аахпыттара болҕомтону тарта. Маны тэҥэ тааска, акриловай кыраасканан уруһуйдуурга мастер кылаастар, лааҕыр оҕолоругар экологическай бэсиэдэ, викторина, балыктааһын уо.д.а. тэрээһиннэр көхтөөхтүк өрө көтөҕүллэн ыытылыннылар.