Михаил Ефимович ол күн оҕо библиотекатыгар сылдьыбыта. Мультимедийнай залга көрсүһүү буолбута уонна краеведческай отделга «Омук күүһэ өйүгэр, өйүн күүһэ тылыгар» диэн выставкаттан «Былыргы сахалар суруктара — бичиктэрэ» диэн кинигэни ылан арыйталаан көрбүтэ. Уонна ийэ тылбытын ыччаттарга иҥэрэр, тылын билэригэр үлэ күүскэ барыахтаах диэбитэ. Төрөөбүт тылын билэр киһи эргиччи сайдыылаах, хас да омук тылын билэргэ олук буолар дириҥ историялаах, сүдү суолталаах тыллаахпыт диэбитэ. Ийэ тылын баһылаабыт киһи норуотун историятын, культуратын, суруйааччыларын айымньыларын ааҕан дьиҥ дойдутугар бэриниилээх, дойдутун таптыыр, дойдум туһа диэн үлэлиир кэнчээри ыччаппытыгар инники кэскилбит түстэнэр диэн бигэ эрэллээх санаатын эппитэ. Бу кинигэтигэр кини автограф суруйан хаалларбыта.