Ытык киһибит туһунан элбэх киһи аҕынна, махтанна.
Куйаар ситиминэн кыыһа Мария Дмитриевна Благовещенскайтан, сиэттэрэ Казахстантан, Америкаттан, Дьокуускайтан гос.архивтан, Баайаҕаттан кытыннылар.
Тэрээһиҥҥэ Дмитрий Николаевич олоҕун аргыһа Анна Федосеевна, уола Дмитрий Дмитриевич уонна дойдутуттан, Амма- Наахараттан, Абаҕаттан делегациялар кэлэн кытыннылар.
Улууспут дьаһалтатыттан социальнай боппуруостарга баһылык солбуйааччыта Ньургуяна Ивановна Илларионова тыл этэн, санаатын үллэһиннэ уонна Анна Федосеевнаҕа сибэкки дьөрбөтүн, Амма символын Сардаана статуэтканы бэлэх уунна.
Тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон санааларын этэн, махтанан тарҕастылар.
Сидорова Е.В.