Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотекаҕа кыраайы үөрэтээччи, Амма улууһун, Болугур нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна Никифоров Тимофей Трофимович тус бэйэтин архыыбыттан биһиги биир дойдулаахпыт, государственнай деятель, салайааччы, дьиҥ патриот Григорьев Семен Давыдович (1913-1950 сс.) олоҕун, үлэтин кэрэһэлиир выставкатын аһыллыыта буолла.
Тэрээһиҥҥэ Амма улууһун муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Смирников В. В. кыттыыны ылла уонна Махтал суругу, бэлэҕи туттарда.
Болугуртан орто оскуола учуутала, нэһилиэк кыраайы үөрэтээччилэр ааттарыттан Кожурова С.Ю., педагог- библиотекарь Мякишева О.В. истиҥ иһирэх эҕэрдэлэрин, махталларын тиэртилэр. Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын музейын научнай үлэһитэ Шилова В.Г., Амматааҕы киин библиотека методиһа Александрова Т.Т. санааларын үллэһиннилэр.
Выставка бу ый 25 күнүгэр диэри турар, кэлэн билсэргитигэр ыҥырабыт.
Сидорова Е.В.