Site Loader

   Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр биһиги биир дойдулаахпыт, филологическай наука кандидата, ХИФУ, «Олоҥхо» НИИ «Лингвофольклористика» секторын сэбиэдиссэйэ Борисов Юрий Петрович Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотекаҕа ыалдьыттаата.
   Юрий Петрович республика олоҥхоһуттарын энциклопедиятын таһаараары үтүмэн үлэни оҥоро сылдьар.
   Бу кэлэ сылдьан Амма олоҥхоһуттарын туһунан материаллары биһиги библиотекабытыттан булан, үлэтигэр туһанна.
Юрий Петрович «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» саҥардыллан, QR- кодтаах олоҥхотун бэлэх уунна.
   Юрий Петровичка сыралаах үлэтигэр ситиһиилэри баҕара хаалабыт.

Сидорова Е.В.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять