Site Loader

Бу күн общество киэн араҥатыгар, үрдүкү салалтаҕа, харахтарынан доруобуйаларыгар хааччахтаах — көрбөт дьон быраптарын көмүскүүр, олохторун чэпчэтэр туһугар өйүүргэ, кинилэргэ болҕомто уурарга ананан олохтоммут күн. Акция сыала — соруга харахтарынан мөлтөхтүк көрөр дьону актыыбынай олоххо көҕүлээһин, общества уонна государственнай структуралар кинилэр кыһалҕаларыгар уонна ситиһиилэригэр болҕомтолорун тардыы буолар. Эҕэрдэ тылы Амма улууһун муниципальнай тэриллии (оройуон) баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта Ньургуйаана Ивановна Илларионова, кэлбит дьоҥҥо Амма улууһун баһылыгын махтал суругун уонна бэлэҕин туттарда. Амматаа5ы көрбөттөр обществоларын бэрэссэдээтэлэ Александра Николаевна Устинова эҕэрдэлээтэ. Бу күн төгүрүк остуол ыытылынна манна кэлбит специалистар: Черноградская А.Ю. — Амматааҕы социальнай фонда салайааччыта; Дорофеева Л.И. — Социальнай көмүскэл элбэх өрүттээх Киинин салайааччыта уонна Наумова О.М. — реабилитолог; Архипов М.А. — Киин балыыһа кылаабынай бырааһа; Вензель Л.К. Дьарыктаах буолуу Киин салайааччыта; В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека директорын солбуйааччыта — Макарова С.Е. сиһилии кэлбит дьон боппуруостарыгар эппиэтээтилэр.

Күн иккис аҥаарыгар Ф. Потапов аатынан сынньалан киинигэр, «Кэҕэ» диэн ненец норуотун остуоруйатыгар оло5уран тифло спектакль көрдүлэр. Кэлбит дьон бары үөрэ — көтө алтыһан, ирэ — хоро кэпсэтэн тар5астылар.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять