Site Loader

Ол курдук, Юнеско 2005 сылга сэтинньи 25 күнүгэр быһаарыытынан киһи аймах духуобунай култууратын шедеврынан ааттаммыта. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо күнүн чэрчитинэн, сэтинньи 20 күнүгэр Күннүк Уурастыырап аатынан Амма киин библиотекатыгар «Үйэ саас тухары олоххо — саханы үрдэтиэ Олоҥхо» диэн киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапката тэрилиннэ. Манна билсиэххит: Олоҥхону чинчийбит эпосоведтар, фольклористар научнай үлэлэрин, «Саха боотурдара» сериянан тахсыбыт улуустар биллэр улахан олоҥхолорун, Аммабыт олоҥхоһуттарын кинигэлэрин. Быыстапка ахсынньы 5 күнүгэр дылы туруоҕа.

Вероника Стручкова — кыраайы үөрэтэр салаа кылаабынай библиотекара

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять