Алексей Григорьевич кыра эрдэҕиттэн олоҥхону истэ улааппыт буолан, олоҥхо сырдык — хараҥа күүстэрин охсуһууттан, олоҥхо дьоруойдарын быһаара үөрэммитэ. Кэлин улаатан баран бэйэтэ олоҥхолуур, олоҥхону айар буолубута. Кылаас чааһыгар кэлбит оҕолор олус болҕойон, сэҥээрэн иһиттиллэр.
«Үйэ саас тухары олоххо — Саханы үрдэтиэ олоҥхо»кинигэ быыстапкатын көрдүлэр. «Сырдык сулус» сайдыы суолунан кинигэҕэ Алексей Григорьевич сэрии ининнээҕи уонна сэрии кэминээҕи олоҕуттан суруйбут кэпсээннэрин, араас кэминээҕи хоһооннорун кытта билистилэр.
Кылаас чааһы ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Елизавета Владимировна Сидорова ыытта.