Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр ОЛОҢХО Декадатын уонна 2024 сыллаахха Амма улууһугар буолар ОЛОҢХО ыһыаꚋар бэлэмнэнии чэрчитинэн «Олоңхо дьыктаана» ыытыллынна. Биир дойдулаахпыт, талааннаах ыччаппыт, Хотугулуу-Илиңңи Федеральнай университет Олоңхо научнай чинчийэр институт «Лингвофольклористика» секторын сэбиэдиссэйэ Юрий Петрович Борисов «Баһырꚋастаах аттаах Баабый Баатыр” диэн оꚋо-аймах, ыччат олоңхотуттан быһа тардан дьыктаан суруллунна. Ол курдук, 1 эрэ сыыһаланан «Туйгун хайꚋабыл суругу» ыллылар: Гаврильева Лидия Егоровна, Бураева Розалия Александровна, Гаврильева Надежда Николаевна, Муксунова Майя Дмитриевна, Никифорова Лариса Васильевна.
Аахсыйа тэрийиитигэр кылаатын уурда, дьыктааны аахта Л.В. Киренскэй аатынан лицей саха тылын уонна литературатын учуутала, суруйааччы, улуустааꚋы «Айар абылаң» түмсүү уус-уран салайааччыта Наталья Константиновна Рязанская. Дьыктаан түмүгүн күүтэ таарыйа Юрий Борисов олоꚋун-дьаһаꚋын, айар үлэтин туһунан сырдатыллынна. Ону таһынан, Амма улууһун социальнай боппуруостарга Аꚋа баһылыгын солбуйааччы Илларионова Ньургуйаана Ивановна кэлэр 2024 сылга Олоңхо ыһыаꚋар аналаах былааннары билиһиннэрдэ, боппуруостарга эппиэттээтэ. Кыттыыны ылбыттарга сертификат туттарыллынна, хайꚋабыл суругунан биһирэннэ. Тэрийсибит, кыттыыны ылбыт дьоммутугар барꚋа махталбытын тириэрдэбит.