Site Loader

Амма улууһугар Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Олонхо декадатын чэрчитинэн ийэ тыл баайын, сүмэһинин иҥэриммит олонхо тылын — өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар — иҥэрэр сыаллаах, Амма улууһугар 2024 сылга ыытыллар Олонхо ыһыаҕар бэлэмнэнии былаанынан “Олонхо дьыктаана” аахсыйа ыытыллан ааста.

Амма улууһун дьоно — сэргэтэ аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Дьыктааны саха тылын уонна литературатын учууталлара, библиотека үлэһиттэрэ аахтылар. Ол курдук, Амма, Алтан, Амма — Наахара, Бөтүн, Болугур, Майскай, Сатаҕай, Соморсун, Сэргэ — Бэс, Сулҕаччы, Чакыр, Чапчылҕан нэһилиэктэриттэн уопсайа 122 киһи кыттыыны ылла, ол иһигэр 57 эдэр ыччат.

Туйгун сыанаҕа суруйдулар 33 киһи, ол иһигэр 12 эдэр ыччат. Онтон саамай элбэх туйгун сыананан бэлиэтэммит нэһилиэгинэн Бөтүҥ нэһилиэгэ таҕыста. Дьыктаан тиэкиэһэ барыларыгар биир – киэҥ туттар биир дойдулаахпыт, тыл билимин хандьыдаата, Хотугулуу — Илиңңи Федеральнай университет Олоңхо научнай чинчийэр институт «Лингвофольклористика» секторын сэбиэдиссэйэ Юрий Петрович Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр” диэн оҕо-аймах, ыччат олоңхотуттан тиэкис ааҕылынна. Туйгун суруйааччылар дипломунан, бары кыттыбыт дьон туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.Суолта биэрэн, кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять