Кини олус сэмэй, үтүөкэн үлэһит, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, суруналыыс,суруйааччы, Сэбиэскэй эргиэн, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ национальнай кинигэни таһаарыыга кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайына, Амма улууһун уонна Бөтүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Иван Никитич элбэх кинигэ автордара, ол курдук: «Амма эбэм сылаас тыына», «Аммам, устан суһумнаа» (ырыанньык), «Дьикти түбэлтэ», «Кырымах», «Ньаалбаан кулгаах», «Сандал омук сиригэр», «Сандал уонна Пампуусик», «Төрөөбүт буорум», «Хаар күрүөҕэ» уо.д.а. Улууһун, нэһилиэгин историятын кинигэлэрин оҥорсубут, көмүс кылаатын киллэрсибит улахан үтүөлээх. Кини курдук саха тылыгар бэриниилээх дьон баар буоланнар, саха литературатын, саха тылын көхсө киэҥ, инникитэ сырдык. Похожее