Сахабыт олоҥхолоругар улуу уустар араҥаччылара — Кытай Бахсы уобараһа баар. Кини — үс дойдуну араартыы сылдьыбат майгылаах. Айыы да, абааһы да бухатыырдарын сэптэрин — сэбиргэллэрин, куйахтарын — көмүскэллэрин тэҥҥэ оҥортуур эбит. Ап хомуһун бары албаһа, күүс — уох күрэнэр күдэнэ тимирдээххэ тиксибитэ. Тимир үйэтэ үһүйээннэргэ киирбитэ. Амматааҕы киин библиотека «Тимири уһаарыы сурукка — бичиккэ» кинигэ быыстапканы туруорда. Сах саҕаттан өбүгэлэрбит тимири уһаарыы, ааттаах суоллаах тимир уустарын оҥоһуктарын туһунан Саха сирин историятыгар суруллубут кинигэлэргэ ааҕыахха, үгүс билиини сомсуохха сөп. Похожее