Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотекаҕа дьон тоҕуоруһа муһунна.
«Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, поэт, публицист, Данил Макеев — бас эрэдээктэри солбуйааччы, СӨ үтүөлээх журналиһа, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, тылбаасчыт уонна сурунаал эппиэттиир сэкэрэтээрэ, СӨ культуратын туйгуна Туйаара Павлова ыалдьыттаатылар.
Сурунаал үлэтин билиһиннэрдилэр, инники былааннарын туһунан кэпсээтилэр уонна норудунай суруйааччы В.Е.Васильев — Харысхал олоҕор уонна айар- тутар үлэтигэр «Өй күрэһэ» оонньуу ыыттылар.
Барыта биэс хамаанда кытынна, 18 киһи оонньоото.
Үһүс миэстэҕэ Харысхал аймахтарын хамаандата, иккискэ — Мээндиги нэһилиэгэ, бастакы миэстэҕэ — Соморсун хамаандата таҕыстылар.
Кыайыылаахтарга редакция аатыттан Бочуотунай грамоталар, бэлэхтэр туттарылыннылар.
Кэлбит дьон тэрээһини астыммыттарын бэлиэтээтилэр, үгүс үтүө тыл этилиннэ.
«Чолбоннор» ааҕаачыларын ыйытыктарыгар хоруйдаатылар.
Тэрээһин бүтүүтэ уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Сидорова Е.В.