Site Loader

Бүгүн, Аан Даам тымныылаах ахсынньы 14 күнүгэр 1938 сыллаахха Аммабыт улууһугар аан бастаан бибилитиэкэ тэриллибитэ 85 сылын дьоро күнэ үүннэ. Бибилитиэкэ историята үгүс кэрдиистэри, сыллары — дьыллары ааһан, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сайдыы түһүмэхтэринэн үлэтэ хамнаһа ситиһиилээхтик хардыылаан, инники кэскилгэ тиийэн 21-с үйэ тэтиминэн ситиһиилээхтик үлэлии олорор. 53 сыл устата нуучча демократ суруйааччыта В.Г. Короленко аатын үрдүктүк сүгэн кэлбитэ. 2017 сылтан биир дойдулаахпыт, норуот суруйааччыта В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатын сүгэн, аныгы технологияны баһылаан айымньылаахтык үлэлиир биир улахан коллектив буолла.

Бары кэмнэргэ үлэлээн ааспыт салайааччыларбытын, коллегаларбытын бу үөрүүлээх үбүлүөйбүтүнэн истиҥник иһирэхтик эҕэрдэлиибит.

Алгыс үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын аныыбыт. Чэгиэн доруобуйаны, дьолу — соргуну, тапталы махталы, эрэли, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять