Кини элбэх кинигэ автора буолар. Ол курдук: «Барыта таптал тула», «Миигин чыычаах диэтэргит», «Оҕо саастан саҕалаан», «Мин Аммам — күн көмүс уйакам» (аудиокинигэ), «Бөхтөөлөй уонна Аммачаана», «Туйаара» (куукула кинигэ), «Илларионов Николай Егорович» (Амма киэн туттуута) кинигэҕэ үлэлэспитэ. Улуустааҕы «Айар абылаҥ» литературатурнай түмсүү уус уран салайааччытынан үлэлээн бэйэтин тус кылаатын киллэристэ. Биһиги библиотекабыт саамай чугас доҕоро, ааҕааччыта, үгүс тэрээһиннэрбит кыттааччыта.
Күндү Дария Егоровнабытын бу дьоһун үөрүүлээх күҥҥүнэн истиҥҥик эҕэрдэлиибит. Чэгиэн доруобуйаны, дьолу соргуну, ситиһиилэр сиэттиһэн кэлэ турдуннар. Таптал, махтал, эрэл, этэҥҥэ буолуу аргыстастын. Суруйар бөрүөн сыппаабатын, кэрэ Аммаҕын хоһуйа, дьонун — сэргэтин, үйэлээҕи — үтүөну айа — тута сылдьаргар алгыстылбытын аныыбыт.
Амма улууһун библиотечнай тиһик коллектива уонна «Айар абылаҥ» аатыттан салайааччы Вероника Стручкова»Айар абылаҥ» аатыттан салайааччы Вероника Стручкова