Site Loader

Тохсунньу 17 күнүгэр улуустааҕы киин библиотекаҕа таҥха таҥхалыыр, билгэ билгэлиир фольклор киэһэтэ буолла. Бастаан кэлбит дьоҥҥо Таҥха — Дьылҕа таҥараларыттан биирдэстэрэ, саха киһитин оҥоһуутун билгэлиир итэҕэлин туһунан бэсиэдэ ыытылынна саха итэҕэлигэр аналлаах кинигэлэри билсистилэр. Салгыы күлүк көрүүтэ, кинигэнэн таайыы, түөрэх быраҕыыта, Чугдаара Хотун «Үтүөнү түстүүр, үөрүүнү саҕар» кинигэтинэн, нумерологиянан, баҕа санаа картатын оҥорон, хаартынан сэрэбиэйдэнии билгэ билгэлэниитин алгыһын иҥэринэн тарҕастылар. Тэрээһиҥҥэ ыраах Кэбээйи улууһун ыччаттара кыттыыны ыллылар.

Хайдаҕын да иһин, үтүө ыра санаа киһини кэрэҕэ сирдиир.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять