Дьикти — кэрэ айылҕалаах Аммабыт сирэ — дойдута бэйэтин алгыстаах туонатыгар айар — тутар куттаах дьону иитэн, бүөбэйдээн таһаарда. Онтон, Сахабыт сирин бар дьоно, төрөөбүт — үөскээбит Аммаҥ дьоно — сэргэтэ, Эйиигин айылҕаттан айдарыылаах, ураты хатыламмат суоллаах-иистээх композитор, педагог, аранжировщик, музыкальнай редактор, ырыа толорооччу быһыытынан билэллэр, Эн айар үлэҕин сөҕө — махтайа, астына сэргииллэр, киэн тутталлар.
Сахабыт сирин талааннаах эдэр ыччатын, кэнчээри кэскилин эстраднай ырыаҕа уһуйан, билигин Эн үөрэппит оҕолоруҥ биллэр — көстөр ырыаһыттар, культура эйгэтин бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ буолан үлэлии, айа — тута сылдьалларыттан үөрэбит-астынабыт. Олоҕун аргыһынаан Светлана Александровналыын “Тулуйхан” ырыа студиятын уонна да атын вокальнай бырайыактары үлэлэтэн, республика араас муннугар бастыҥтан бастыҥ ансаамбыллары тэрийэн, үгүс күрэхтэргэ кытыннаран, ситиһии ыллыктанан бар дьон махталын ылаҕыт.
Өссө даҕаны саҥа ырыалар айылла турдуннар, тапталлаах Сахабыт сирин дьонун — сэргэтин кэрэҕэ, сырдыкка угуйа сырыттыннар.
Баҕарабыт дьиэ кэргэҥҥэр кытаанах доруобуйаны, айымньылаах улэни, дьолу — соргуну!
Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик коллектива.