Николай Афанасьев кулун тутар 11 күнүгэр 1877 сыллаахха Аммаҕа Архангельскайтан кэлбит бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Аҕата эрдэ өлбүт, ийэтэ бэйэтэ үс оҕотун атахха туруорбут. В.Г. Короленко чааһынай оскуолатыгар үөрэммит. Дьокуускайдааҕы реальнай училище 6 кылааһын бүтэрэн баран, Николай Егорович тыа оскуолатыгар үлэлии барар.
1907 сыл от ыйыттан «Якутский край» сахалыы сыһыарыылаах хаһыат тахсыбыта. Афанасьев издатель быһыытынан бигэргэтиллибитэ. С.Ф. Михалевич «Из плена» диэн хоһоонун бэчээттээбиттэрин иһин буруйданан, суруйааччы, хаһыат эрэдээктэрэ С.А. Корякин уонна издатель Н.Е. Афанасьев тутуллубуттара уонна иккилии сыл хаайыыга угуллубуттара, хаһыат сабыллыбыта. Ол гынан баран Афанасьев сотору кэминэн босхоломмута уонна 1908 сыллаахха саҥа тахсар «Якутская жизнь» хаһыат салайыытыгар (редакциятыгар) киирбитэ.
1914 сыллаахха Николай Егоровичка саха начальнай кылаастарыгар сахалыы суругу-бичиги үөрэтии туһунан санаа киирэр. Сахалыы букубаар наада буолар. Ол букубаары оҥорорго кини Всеволод Михайлович Ионову көрдөһөр. Ионов көскө сылдьан бэйэтэ оҥорбут букубаарынан сахалыы үөрэтэ сылдьыбыттааҕа. Балтараа сыл буолан баран Ионовтан букубаар рукопиһын туталлар. Афанасьев бастаан начальнай училищалар инспектордарыгар бу букубаары көҥүллүүргэ көрдөһөр, онтон аккаас ылан баран архиерейга таҥара дьиэтин үбүнэн букубаары бэчээттииргэ уонна таҥара приходарын оскуолаларыгар тарҕатар туһунан этии киллэрэр. Архиерей тута сэҥээрэр уонна сотору кэминэн сөбүлэҥин биэрэр. Ол гынан баран Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ буолан хаалан барыта саҥаттан барар.
Бирикээсчиктэр уопсастыбаларын кулуубугар сахалар I сийиэстэрэ буолар. Онно Ионов букубаарын таһаарыы туһунан этиини В. В. Никифоров киллэрэр. Сийиэс букубаары С.А. Новгородов транскрипциятынан бэчээттииргэ уонна саха оскуолаларыгар сахалыы сурукка-бичиккэ үөрэтии туһунан уураах таһаарар.
Афанасьев С.А. Новгородову Ионов кинигэтин уларытарга көҕүлүүр. Киэһэ аайы үлэлэрин кэннэ босхо үлэ саҕаланар. Аан тылын иккиэн суруйаллар. Фонетикатын Новгородов оҥорор,уоннааҕытын Афанасьев.
Үлэлиир кэмнэригэр хаста да бөрүкүтэ, туһата суох үлэнэн дьарыктанаҕыт диэн санааны истэллэр. Үбү ол да буоллар Саха Сирин уобаластааҕы зиэмистибэтэ сахалар I сийииэстэрин быһаарыытынан биэрэр.
Кинигэ тахсыбытын кэннэ, олох атын иккис букубаары таһаарар үлэ саҕаланар. Үс ыйынан букубаар уонна хрестоматия бүтэллэр.
1924 с. С.А. Новгородов өлбүтүн кэннэ Афанасьев табаарыһын үлэтин бэйэтэ салҕыыр. Саҥа учебниктары уонна пособиелары таһаарар бөлөҕү салайар. Кини салайыытынан 26 үлэ суруллар уонна бэчээккэ тахсар: букубаардар, хрестоматия, нуучча тылын учебниктара, эбэҥки букубаара, программалар уо. д. а.
Сүүрбэһис сыллар саҥаларыгар Н.Е. Афанасьев Саха АССР үөрэҕирии наркомун солбуйааччыта буола сылдьыбыта, педтехникумҥа преподавателлээбитэ, оскуолалар инспектордара буола сылдьыбыта, норуот үөрэхтээһинин салаатыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. Талааннаах методист уонна нуучча тылын үөрэтиигэ новатор быһыытынан биллибитэ.