Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга – чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алпаабытын төрүттээбит, уһулуччулаах тыл үөрэхтээҕэ, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, олунньу 13 күнэ, төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев уурааҕынан төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнүн 1996 сылтан бэлиэтиибит.
Төрөөбүт тыл, сурук – бичик күнүн чэрчитинэн олунньу 13 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгэс буолбут Х төгүлүн ыытыллар “Сахалыы дьыктаан” аахсыйа Амма улууһугар ыытылынна. Дьыктаан оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ төрөөбүт тылынан таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутар, саха тылын баайын билиини ситиһэр, төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах ыытыллар.
Дьыктаан тиэкиһин Л.В. Киренскэй аатынан лицей саха тылын уонна литературатын учуутала Ноговицына Мария Дмитриевна бэлэмнээтэ. Саха народнай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов 204 тылтан турар “Көҕөччөр ат туһунан номох” айымньытыттан быһа тардан ылылынна.
Дьыктааны суруйуу олоҕурбут көрүҥүнэн Амма улууһун үрдүнэн бибилэтиэкэлэргэ, араас тэрилтэлэргэ, үөрэх кыһаларыгар 55 былаһаакканан ыытылынна. Уопсайа 1033 киһи сахалыы таба суруйууга бэйэлэрин тургутан көрдүлэр, ол иһигэр 338 оҕо. 2023 сылга улуус үрдүнэн 164 киһи дьыктааны суруйбут буоллаҕына быйыл улуус олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук Аммаҕа, Абаҕаҕа, Алтаҥҥа, Амма – Наахараҕа, Бөтүҥҥэ, Болугурга, Покровкаҕа, Сатаҕайга, Соморсуҥҥа, Сулҕаччыга, Чакырга, Чапчылҕаҥҥа, Эмискэ, Мээндигигэ уонна Сэргэ-Бэскэ учууталлар, тэрилтэ салайааччылара, испэсэлиистэрэ, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ уо.д.а. тиэкиһи аахтылар.
Сахалыы дьыктаан түмүгэ олунньу 14 күнүгэр билиннэ. Уһулуччу бастыҥнар ахсааннарыгар киирдилэр, туйгун суруксут анал ааты ыллылар — 187 киһи. Туйгун сыаналаах кыттааччы ахсаанынан бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэктэринэн таҕыстылар Бөтүҥ нэһилиэгэ (53,7%) , Покровка нэһилиэгэ (46,4%), Сатаҕай нэһилиэгэ (33,3%). Онон ийэ тыл уонна сурук – бичик күнүгэр улуус олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар аахсыйаҕа хас сылын аайы суруйар ааҕааччыларбытыгар, астына үөрэ – көтө тэрээһиннэргэ кэлэн кытталларыттан тэрийээччилэр ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.
Сахалыы дьыктаан 2014 сылтан ыытыллар. Көҕүлээччилэр, тэрийээччилэр уонна ааптардар – ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт уонна СӨ национальнай бибилэтиэкэтэ СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар.