Кинигэҕэ Егоров Дмитрий Григорьевич — сэбиэскэй партийнай үлэһит, уһун кэмҥэ Амма, Кэбээйи, Чурапчы оройуоннарыгар үлэлээбит, чаҕылхай олоҕу олорбут, киһи киэнэ килбиэннээҕэ, Амма историятын туһунан очеркалара, ыстатыйалара киирбиттэр. Дмитрий Григорьевич 1968 сылтан 1973с. дылы оройуоннааҕы архыып сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: чугас аймах билэ, бииргэ алтыспыт дьонноро, кинигэни таһаарбыт сиэннэрэ. Библиотекаҕа 20 кинигэни бэлэх ууммуттарыгар махтанабыт. Вероника Стручкова Похожее