Бу бырайыак ааптарынан Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай тиһик салайааччыта Наталья Кирилловна Петрова буолар. 2022 с. Ү — Бүлүү туонатыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха аан маҥнайгынан сүрэхтэммитэ. Саха сирин араас муннуктарыттан кэлэн, 100 киһи кыттан П. Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхотун сахалыы тылынан аахпыттара. 2023с.Олоҥхо ыһыаҕын иитинэн «Ньургун Боотур» олоҥхону 4 тылынан: сахалыы, нууччалыы, эбээннии уонна аангылыйа тылынан 100 киһи аахпыттара. Быйылгы Аммабыт ыһыаҕын уратытынан Олоҥхону уһун тыыннаах ааҕыыга удьуор утумун салҕаан, Амма улууһун ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттарын сыдьааннара, аймахтара кыттыыны ыллылар. Олоҥхону ааҕан, дьоҕур талаан сүтэн-симэлийэн хаалбатын, тымыр-хаан тардыытын көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин итэҕэттилэр, сэҥээрини ыллылар.
Олоҥхо ааҕыытын марафонун үөрүүлээх аһыллыытыгар Москваттан, Питертан дьоһун күндү ыалдьыттарбыт Варламов Алексей Николаевич — М. Горькай аатынан литературнай институт ректора, МГУ профессора, Күллэ Виктор Альфредович-поэт, переводчик, литеровед, киэҥ туттар дойдулаахпыт Петров Александр Александрович — филологическай наука доктора,учуонай уонна Сидоров Олег Гаврильевич- журналист,суруйааччы,Саха сирин суруйааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ эҕэрдэлэрин тиэртилэр уонна кинигэлэрин бэлэх ууннулар.
Олоҥхону барыта 29 улуустан 18 саастан үөһэ хааччаҕа суох аахтылар. Саамай кыра ааҕааччы Дарина Малышева, Аллараа Халыма олоҥхону кыайа — тута ааҕан кыттыста.
Түмүккэ Амма улууһун библиотечнай тиһик директора Прокопий Евгеньевич Прокопьев эһиил Нерюнгрига ыытыаллыахтаах улуус култуураҕа салайааччытыгар Туяра Алексеевна Петроваҕа анал бэлиэни туттарда уонна
Аммаҕа чаҕылхайдык ааспыт ыһыах бу курдук умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларыа диэн баҕа санаатын эттэ.
Вероника Стручкова