Ко дню рождения нашего главного новогоднего волшебника всех времён — Деда Мороза. С 15 по 18 ноября прошла акция «напиши пожелания Дедушке Морозу». С 1 класса по 4 класс дети в Чапчылганском наслеге писали свои пожелания и желания Деду Морозу и отпускали письма в почтовый ящик Деда Мороза. Все дети и родители приняли активное участие в акции.

Сэтинньи 13 күнүгэр Саха Республикатын бастакы президенэ төрөөбүтэ 87 сылыгар аналлаах билиини-көрүүнү биэрэр тэрээһин буолан ааста: Михаил Николаевка аналлаах информационнай чаас кэннэ, аныгылыы сэринэн — челлендж “Прочитай книгу Николаева” бэрт сэргэхтик, солуннук ааста, элбэх дьону түмтэ.

Гл. библиотекарь Эмисской СМБ: Ноговицына М.Ю.

Сулҕаччыга М.Е. Николаев төрөөбүтэ 87 сылыгар билиини-көрүүнү биэрэр тэрээһин буолан ааста.

Саха Республикатын 1-кы президенэ, РФ Федерация мунньаҕар Федерация сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ Үрдүкү мунньаҕын Государственнай Дума мунньаҕа YI-с ыҥырыылаах мунньаҕын депутата, Государственнай Советник, Аан дойдуга «Человек тысячилетия» аат хаһаайына, СР бочуоттаах олохтооҕо, сахалар киэн туттар ытык киһибит: дьиҥнээх Патриот, Салайааччы – Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт сэтинньи 13 күнүгэр билиини-көрүүнү биэрэр бэртээхэй тэрээһиннэр культура киинин саалатыгар буоллулар, ол курдук:

— «Я благодарен своему народу» диэн документальнай – художественнай киинэ көрдөрүлүннэ

— “Саха сирин чулуу уола” — Киинэ кэнниттэн М.Е. Николаев олоҕун, үлэтин кэпсиир өй — билии викторината ыытылынна.

Кыайыылаахтар бириистэри туттулар, кинилэр ааттара:

Алиана Андросова – И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ

Диана Оконешникова — И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

Амгаяна Максимова — И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ

Марат Данилов — И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

Виолетта Неустроева — И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

Афоня Носов — И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ

Сэргэх тэрээһини Д. Наумов аатынан Сулҕаччы библиотекатын кылаабынай библиотекара Елена Васильевна Попова, Х. Максимов аатынан Сулҕаччытааҕы культура уонна сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Мария Андреевна Дьячковская, Платон Николаевич Максимов иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Сэтинньи 13 күнүгэр Чакыр нэһилиэгэр Михаил Ефимович Николаев 87 сылыгар аналлаах тэрээһин ыытыллынна.  Аан тылы Аҕа баһылыкпыт Семен Николаевич ылла. Оҕолорго, эдэр ыччакка туһаайан Михаил Ефимович Республика сайдыытыгар үлэлээбит-салайбыт кэмнэрин үтүө холобур оҥосторго, төрөөбүт Сахабыт сирин сайдыытыгар бэйэҕит кылааккытын киллэриэххит диэн эрэнэрин биллэрдэ. Салгыы Илларионова Р.В. аатынан Чакырдааҕы сельскэй библиотекара Матрена Анастасовна бастакы бэрэсэдьиэн олоҕун сырдатта уонна бэлэмнээн кэлбит «Я — твой сын, Саха сирэ!» кинигэ быыстапкатын сиһилии кэпсээтэ.  Түмүккэ алгыс тылы анаан кэлэр кэнчээрилэргэ Михаил Ефимович сырдык аата үйэлэртэн үйэлэргэ ааттана турдун диэн уопсай санааҕа киирдибит.

Бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, СӨ бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев 87 сылын көрсө 7 кылаас оҕолоругар «Олоҕум норуотум туһугар» бэсиэдэ ыытылынна. Бэсиэдэҕэ М.Е. Николаев олоҕун кэпсиир, СӨ сайдыытыгар ыытыллыбыт үлэлэрин туһунан презентацияны, олоҕун уонна үлэтин кэпсиир кинигэлэри көрдүлэр, ырыттылар, сэҥээрэн иһиттилэр.

Бүгүн Б. Харысхал аатынан библиотекаҕа Саха республикатын бастакы Президена Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 87 сылыгар анаан ааҕааччыларга «Дьоһун киһи М.Е. Николаев» диэн информация буолла. М.Е. Николаев биографиятын билиһиннэрэн баран, өрүү история кинигэтин уларсар, 7 кылаас үөрэнээччитэ Кирилл Охлопков, Михаил Ефимович 10 сыл иһигэр туох үлэни ыыппытын ааҕан иһитиннэрии оҥордо. Ол кэннэ Өктөмҥө баар М.Е. Николаев аатынан музейы экраҥҥа көрдүбүт уонна «Ради настоящего и будущего» диэн кинигэ быыстапкатын көрдүбүт.

Сэтинньи 13 күнэ — СР маҥнайгы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнэ. Бу күнү Ил Дархан Айсен Николаев Саха Республикатыгар Инновация күнүнэн биллэрбитэ. Михаил Николаев туһунан төһө билэргитин бэрэбиэркэлэнэн «Биһиги Президеммыт» диэн викторинаҕа кыттыҥ, билиигитин хаҥатыҥ диэн ыҥырабыт.

Болугурдааҕы олохтоох библиотека

Баар буоллун куруутун

ИЛ уонна ЭЙЭ 

 

        «Ураа, каникулы» диэн оскуола оҕолоругар Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн “Квест-оонньуу” барда. Алын уонна орто сүһүөх кылаастара этиллибит чааска хойутааһына суох тиийэн кэллилэр. Саҕаланыан иннинэ  кылгас боппуруостарга разминка ыытылынна. Квест оонньуу барыта 7 түһүмэҕинэн барда. Бастаан хамаандалар ааттанан-суолланан, төгүрүк уонна триугольник фигуралары талан хамаандаҕа хайдыстылар. Мантан антах тиийбит хосторун аайы конверга угулла сылдьар сыыппаралары ылаллар. Бу сыыппаралар ханнык хоско тиийэллэрин ыйаллар. Ол хостор тугу кистээн сыталлара, заданиялара биллибэт. Ол курдук хос аайы киирэн истилэр. Бу оонньууларга ким төһө түргэнэ, быһаарыылаҕа уонна хамаанда төһө биир санаалааҕа тута көстөр. Онон туох да балыйсыыта суох бүтэһик түһүмэхтэрин ааһан ким бастаабыта быһаарылынна. Кыайбыт хамаанда хотторуулаах хамаанданы 5 мүнүүтэнэн аһары түстэ. Кылгастык сырдатар буоллахха “Пазл” — остуоруйаны хомуйуу, “Интуиция” – өҥү сөпкө талан миэстэтин булларыы, Баайыылаах харахтаах – “Лабиринт” туорааһын, Ииччэх-бааччах баайыллыбыт быа устун туорааһын,  Кистэммит тылы таһаарыы,  “Бэйэ-бэйэни өйдөһүүгэ – быһаҕас уулаах роса бытыылкатын тэҥҥэ көтөҕүү, Обруч иһинэн киирэн бэйэ-бэйэҕэ бэрсии, Командир мимиканан таайтарар тылын тута өйдөөн этии. Бу курдук оҕолор сүүрэн-көтөн олус сэргэхсийдилэр, астыннылар. Саҥа оонньуулары биллилэр. Түмүгэр өссө хамсаныылаах үҥкүүлэри үҥкүүлээтилэр, маассабай оонньуулары оонньоотулар. Барыта да туһалаах буолла. Сомоҕолоһуу күнэ ил олоҕу, өйдөһүүнү түстээтэ.

Б.Харысхал аатынан библиотекаҕа сэтинньи 7 ,8 күннэригэр: бастакы күн Мээндиги П.И.Караканов аатынан 9-10 кл.н үөрэнээччилэригэр » Биир дойдулаахпыт Б.Харысхал 74сыла» библиотечнай урок, «Прозаик ,драматург айымньылара» кинигэ быыстапкатын обзора ,суруйааччы олоҕун билиһиннэрии буолла.Иккис күн: Л.В.Киренскай аатынан Амма лицейын 9-с кылаас үөрэнээччилэригэр норуот суруйааччыта Б.Харысхал 74 сылыгар аналлаах «Творческое наследие писателя-патриота..» диэн библиотечнай урок ыытылынна.Оҕолорго суруйааччы биографиятын,айымньыларын кэпсээн, бэйэлэригэр карточканан кинигэлэри талларан ,кинигэ туһунан аннотациялары аахтылар,онтон быыстапкатын, муннугун ,музей көрөн сэргээтилэр. Мээндиги нэһилиэгин видеобзорун, «Буойун кэриэһэ» документальнай киинэ көрдүлэр.

Амма-Наахара нэһилиэгэр сэтинньи сэттистиир күнүгэр олохтоох биллиотекаҕа IX төгүлүн ыытыллар  Бүттүүн Россиятааҕы «Улахан этнографическай диктант»  ыытылынна. Быйылгы диктант норуот сомоҕолоһуутугар ананна. Диктант уопсайа 30  вопростан турда.
Диктант суруйа кэлбит ааҕааччыларбыт биир тыынынан боппуруостарга эппиэттэтилээн билиилэрин бигэргэттилэр. Элбэх баалы ылан инники таҕыстылар:  Филиппова Валентина Дмитриевна,  Михайлова Екатерина Владимровна, Пахомова Оксана Егоровна.
Диктант кэнниттэн Улуу Өктөөп бырааһынньыгын бэлиэтээтибит. «Эһээ Ленин» бюстара, кинигэлэрэ, открыткалара, значоктара выставкаҕа турда. Ол саҕанааҕы ырыаларар ылланнылар, хоһооннор этилиннилэр. Ааҕааччыларбыт урукку  кэминээҕи хаартыскаларын, грамоталарын аҕалан ирэ-хоро,  чүмэчи уотугар урукку кэмнэри ахтан-санаан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ — биһиги, Арассыыйа норуота, биир сомоҕо буолан, дойдубут утары турбут өстөөҕү кыайан, бары уустуктары туораан, дойдубут үгүс үйэлэрдээх историятын ытыктыырбытын, билэрбитин көрдөрөр бырааһынньык буолар.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит патриотическай өйү-санааны, сыаннастары, историяны харыстыах уонна эдэр ыччакка тиэрдиэх тустаахпыт. М.А.Ноговицын аатынан Болугурдааҕы култуура киинэ уонна олохтоох библиотека кыттыhан, Е.Е.Пахомов аатынан орто оскуолаҕа оҕолорго аналлаах “Сомоҕолоһуу – биһиги күүспүт” диэн патриотическай чаас ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР муниципальнай сулууспатын бочуоттаах бэтэрээнэ Мария Васильевна Софронова уонна РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи, коллекционер Тимофей Трофимович Никифоров. Тэрээһин саҕаланыытыгар библиотекарь Наталья Софронова норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгын историятын сырдатта. Ол кэнниттэн Мария Васильевна ааспыт кэм олоҕун-дьаһаҕын, оскуола историятын, бары биир сомоҕо, күүс-көмө буолан саҥа таас оскуола тутуллуутугар, нэһилиэкпит сайдарын туһугар үлэлээбиттэрин кэпсээтэ. Тимофей Трофимович баай ис хоһоонноох коллекциятын туһанан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын туһунан кэпсээтэ, араас омук сомоҕолоһон или-эйэни аҕалбыттарын, өстөөҕү кыайбыттарын билиһиннэрдэ, сырдатта. Ытык-мааны дьоммут дириҥ ис хоһоонноох бэсиэдэлэрэ, баҕа санаалара кэнчээри ыччаппытыгар патриотическай тыыны иҥэрэн, төрөөбүт дойдуларын таптыы, бэриниилээх буола улааталларыгар баҕарабыт.

Сэтинньи 4 күнүгэр олохтоох библиотекаҕа Сардаана Михайловна Трофимова «Сво-ҕа кэтиллэр көстүүмү» тигэргэ маастар — кылаас биэрдэ. Эдэр элбэх оҕолоох ийэ оҕолорун биэбэйдиирин быыҺыгар волонтердаан босхо таҥас тигэрин, иистэнэ үөрэммит сатабылын кэлбит кэрэ аҥаардары кытта үллэҺиннэ. Түмүгэр 7 ыстаан уонна биир китель толору тигиллэн бүттүлэр, тус кылааппытын киллэрэн киэҺэ астынан тарҕастыбыт.

Бүтүн Россия үрдүнэн бэлиэтэнэр норуоттар сомоҕолоҺууларын күнүгэр анаан алын кылаас оҕолоругар аналлаах «Дерево Дружбы» оҥоҺук, сомоҕолоҺуу туҺунан бэсиэдэ, Россия араас омуктарын сырдатар викторина, кинигэ быыстапката билсэн тарҕастыбыт.

Сэтинньи 4 күнүгэр Б.Харысхал аатынан библиотекаҕа Бүтүн Норуот Сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах «Государственный праздник в ноябре» диэн 7 рауннаах квиз- оонньуу буолла. Манна араас темаҕа викторинаны таһынан оонньуу күрэхтэр ыытылыннылар: Пантомималары таайыы, уксаан, «Название блюд», «День народного Единства»диэн хоһоон айыытыгар конкурстар уонна «Минута славы» буолла. Икки командаларга араас анал ааттар бэрилиннилэр, бүтэһигэр 2-с команда «Үрдүк чыпчаал» анал аатынан наҕараадаланна!

2 ноября ко Дню Народного Единства, совместно с коллективом ЦНТ им С.Я. Левина провели для населения квиз-игру. Участники разделились на 4 команды и каждая назначили капитанов. Команды рисовали стенгазету, угадывали народные инструменты, угадывали названия российских логотипов, названия отечественных фильмов. Все прошло в атмосфере веселья и единения. В конце победила дружба, участники награждены были сладким призом.

Алтынньы 18 күнүгэр «Дуораанчык» уһуйаан улахан бөлөхтөрүгэр «Остуоруйа дойдутугар айан» тэрээһин ыытылынна.

«Остуоруйа дойдутугар айан» кинигэ выстаката турда. Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан остуоруйа дойдутугар айаннаатылар. Бастакы команда «Ракета» капитан Дархан Гаврильев, иккис команда «Сибэккилэр» Арина Нестерева буоллулар. Оонньуубут айана 7 түмэхтэн турда. 1 оонньуу – «Ырыа таайыы», 2 оонньуу – «мультик таайыы», 3 ооннььуу «Худуоьунньук», 4 оонньуу – «Ойуу сааьылааьын», 5 оонньуу – «Тыл сааьылааьына», 6 оонньуу – «Пантомима», 7 оонньуу «Буукуба». «Остуоруйа дойдутугар айан» оонньуубутугар бары тэн-тэҥэ түһэрсэн, бааллара тэҥэһэн доҕордоүуу кыайда. Оонньуубут түмүктэммитин кэннэ оҕолор собүлүү көрбүт остуоруйаларын ылан көрдүлэр.

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Амма-Наахара нэһилиэгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы коллекционердар күннэрин бэлиэтээн аастыбыт.

Амма-Наахара нэһилиэгин «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ 2017 сылтан үлэлиир. Тумсуу салайааччыта Унарова Лариса Ивановна. «Эгэлгэлэр» бэлиэ күнү көрсө нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр нэдиэлэ устата Ретро выстака туруорда.

Бу күн остуол тула олорон санаа атастаһыыта, истин-иһирэх кэпсэтии, көрдөөх оонньуулар, коллекцияҕа аналлаах викторина ыытылынна.

Алтынньы 17 күнүгэр олохтоох библиотекаҕа Саха республикатыгар Ийэ күнүнэн сибээстээн, «Сырал»ийэлэр түмсүүлэрин «Махтаныахха айыыларга» диэн видеоклип сүрэхтэниитэ буолла.

Алтынньы 18 күнүгэр ийэлэргэ аналлаах «Ийэ күнэ» тэрээһин ыытылынна. Ийэлэр икки хамаандаҕа арахсан 7 түһүмэхтээх эстафетаҕа күрэхтэстилэр.  Эстафетаҕа эдэр ийэлэр кыайан инники таҕыстылар,  онтон 4 темалаах викторинаҕа иккис хамаанда кыайда. Түмүгэр тэҥнэһии буолан «доҕордоһуу» кыайан, ийэлэрбит сэмэй бэлэх тутан сэргэхсийэн тарҕастылар.

Аҕам саастаахтарбыт декадаларын түмүктүүр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Бу күн биһиэхэ Алтанатан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэллтлэр. Олус интэриэһинэй “Кэрэни кэрэхсээн” коллекционердар выставкалара үгүс дьон сөҕүүтүн ылла. Киирии номердарынан буолбут “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн”сүүйүүлээх лотерея бэрт сэргэхтик ааста, кэлбит ыалдьыттар бука бары илии  тутуурдаах, өттүк харалаах бардылар, бириистэринэн тоҥ чир балыктан, хоҥур хаастан, кустан  саҕалаан араас күһүҥҥү консервацияҕа тиийэ. Ону тэҥэ, олохтоох библиотекаҕа «Кинигэни таптыыбыт» фотосессия ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин мөссүөннэрин тутаннар олус үөрдүлэр, астыннылар.  Бу күн  араас сэргэх оонньуулардаах, ырыа-тойук доҕуһуоллаах үтүө күн ааста.

Декада чэрчитинэн аҕам саастаах дьоммутугар анаан олохтоох библиотека үлэһиттэрэ “Харысхал” маастар кылаас ыыттылар, уонна эти-сиини эрчимирдэр “Возраст – не помеха” зарядка.  Маастар кылаас точечнай техниканан аналлаах үстүөкүлэ кырааскатынан уруһуйдааннар, саҥа техниканы баһылаан, тус бэйэлэригэр, сорохтор дьиэ кэргэттэригэр харысхал оҥостон үөрэн-көтөн, астынан  тарҕастылар.

Алтынньы 16 күнүгэр библиотекаҕа «Белая трость» бүтүн россиятааҕы декадаҕа аналлаах, харахтарынан мөлтөхтүк көрөр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо экскурсия буолла.Мээндигиттэн Никитин А.Д., Жиркова О.В., Леонтьева Р.А. кытыннылар. Брайль шриф-суругунан ааҕыыга Никитин А.Д.-бастакы миэстэ буолла. Улуустааҕы библиотека үлэһиттэрэ араас оонньууну ыыттылар, Мээндиги библиотеката экскурсияҕа гидтаата.

Дьиэ кэргэн уонна оҕо сыла

элбэх дьону-сэргэни түмтэ

 

         Кэрэ-бэлиэ сылбыт түмүктэнэрэ аҕыйах ый хаалла. Сыл саҕаланыаҕыттан туох баар үлэ бу сылга туһаайыллан араас кэрэхсэнэр мероприятиялар буоллулар. Ол курдук Сэргэ-Бэс бөһүөлэгэр кыыс оҕо, аҕам саастаахтар, ийэ күннэрэ эмиэ өр кэмнэргэ умнуллубаттык ыытыллыннылар. Кыыс оҕо күнүгэр 11 – 15 саастарыгар дылы саастаах кыргыттарга “Между нами девочками” —  диэн ааттаах аһаҕас кэпсэтии барда. Манна кыттыыны ылла олохтоох биэлсэр Любовь Михайловна Константинова. Кини кыргыттарга олус наадалаах сүбэлэри биэрдэ. Кыргыттар утары ыйытыы биэрэн, бэйэлэрин ыйытыыларыгар туһалаах хоуйдары ыллылар. Кэпсэтии кэмигэр кыргыттарга аналлаах кинигэ быыстапката сырдатылынна, көрдөрүлүннэ. Онтон Аҕам саастаахтар күннэригэр итии үүттээх, араас от чээйдэрдээх  “Музыкальная ЛОТО” буолла. Бу саҥа сүүрээн барыбытын астыннарда. Нуучча лототун курдук эрээри буочука турар миэстэтигэр карточка5а ырыалар ааттара суруллаллар. Онньуу кэмигэр ырыа тыаһыыр, оччоҕуна бу ырыаны лотон карточкатыттан була охсон бочкаларгынан саба охсуохтааххын. Түҥ-таҥ түһүү, мунуу-тэнии, сыыһа-халты истии бөҕөтө. Дэлби күллүбүт. Онон олохпутун уһатттыбыт. Киһи оонньуу туруон оонньуутун оонньотон – ким да дьиэлиэн баҕарбата. Иккис күнүгэр Сулҕаччыга тиийэн “Ретро” муода көрдөрдүбүт. Хамаанданан күрэхтэргэ кытынныбыт. Бириискэ да тигистибит. Бириэмэ биллибэккэ ааста. Ийэ күнэ – бу күн сыл ахсын хаста да бырааһынньыктанар эрээри, син биир олус кэтэһиилээх, күүтүүлээх бырааһынньык буолар. Маннык истиҥ, дуоһуйууну биэрэр күн аҕыйах. Ол курдук бастакы күн “Гаражная распродажа” турда. Манна араас таҥас-сап, киэргэл у.д.а. туһалаах, туттуллар, кэтиллэр кыччаабыт маллары аҕаллылар. Бэйэтэ туспа быыстапка буолан таҕыста. Үп-харчы да киллэриннибит. Иккис күн тоҕус түһүмэхтээх күрэх ыытылынна.  Манна эдэр ийэлэр уонна орто-аҕам саастаах ийэлэр күрэхтэстилэр. Ол курдук“Истиҥ эҕэрдэ” (ким эҕэрдэ ыыппытын куоластарыттан таайыы), “Четыре фото 1 слово”, “Гонка слов”, “Угадай медодию”, “Назови чего я хочу”, “Вопросы на логику”, “Музыка для всех”, “Авангар мода — из под ручных материалов”, “Я визажист”, “*Үҥкүү-батл”  ыытылыннылар. ПРАЗДНИК на “УРА”… барда. Маны таһынан Фестиваль “ОТОН.Фест” хаартыска күрэҕэр 6 дьиэ кэргэн көхтөөхтүк кыттыыны ылла ону тэҥэ “Флешмобка” бөһүөлэк дьоно-сэргэтэ, оҕото-уруута бары кытынна. Уонна сүрүн сорукпут буолар Анал Байыаннай Эппирээсийэҕэ сылдьааччыларга көмө. Балаҕан ыйыгар сетка баайбыппыт уонна бу ыйга харысхаллары оҥорон ыыттыбыт… Барыта этэҥҥэ буоллун. Олохпут тубустун. Ил-Эйэ сатыылаатын!

Сулҕаччыга аҕам саастаахтары сэргэхситэр үтүө тэрээһин буолан ааста

Алтынньы 11 күнүгэр Сулҕаччы уонна Сэргэ-Бэс бөһүөлэктэрин аҕам саастаахтарын түмсүүтэ элбэх дьонун түмэн, бэрт интэриэһинэйдик ааста. Тэрийээччилэр : Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата, нэһилиэк ветераннарын сэбиэтэ уонна социальнай харалта киинин үлэһиттэрэ, Х.Максимов аатынан сынньалаҥ киинэ, Ф. Наумов аатынан библиотека. Урукку сыллартан уратыта диэн; нэһилиэк, улуус, республика туһугар үлэлээн-хамсаан, үгүс үтүөнү оҥорбут, билигин ветераннар кэккэлэригэр суох буолбут юбилейнай саастаах ытык дьоннор ааттарын ааттаан, ахтан-санаан, кыратык бэлиэтээн ааһыы. Ол курдук: “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, Саха Республикатын бочуоттаах пенсионера, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ ветерана, республикаҕа биллэр кыраайы үөрэтээччи, нэһилиэк историятын, биллиилээх дьонун үйэтитиигэ элбэх брошюраны, кинигэни суруйбут Петр Михайлович Павлов уонна «Бочуот Знага» орден кавалера, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, ССРС Бочуоттаах донора, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ ветерана, Чурапчы күүс өттүнэн хоту көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, 1949 сылтан 2005 сылга диэри, барыта 56 сыл устата, доруобуйа харыстабылын курдук эппиэттээх, ыарахан үлэҕэ бүтүн олоҕун анаабыт биэлсэр Егор Иннокентьевич Ефимов төрөөбүттэрэ 95; сэрии, тыыл, үлэ ветерана. Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо,Сулҕаччы нэһилиэгин И.П. Михайлов-Харачаан аатынан колхоз чилиэнэ, пулеметчик. «Ленинград оборонатын иһин», «Хорсунун иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр, «Октябрьскай революция» орден кавалера, САССР үтүөлээх тутааччыта Василий Степанович Николаев төрөөбүтэ 110; Сулҕаччы нэһилиэгин бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ. 30-с сылларга Дьокуускай куоракка советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэммит, партия райкомун инструкторынан, онтон комсомол райкомун тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, кулууп бастакы директора Мотрена Петровна Васильева төрөөбүтэ 105; Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, РСФСР норуотун үөрэҕэриитин туйгуна, учуутал, библиотекарь, общественник Зинаида Никитична Михайлова төрөөбүтэ 85; СР тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, 2018 сыллаахха тахсыбыт “Уйан кылы таарыйан” диэн ааттаах хоһоон хомуурунньугун ааптара Тамара Васильевна Семенова төрөөбүтэ 70 сыллара бэлиэтээн ааһылынна. Ытык кырдьаҕастарбыт төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ кинилэр олохторун, үлэлэрин кэпсиир хаартыскалаах стендэлэри, альбомнары уонна кинигэлэр быыстапкаларын бэлэмнээн аҕалан дьон көрүүтүгэр туруордулар. Маны таһынан дьоро күн үөрүүлээх чааһыгар кинилэр олохторун кэпсиир кылгас презентация көрдөрүлүннэ. Биир кэрэхсэбиллээҕэ – бэлиэ саастаах ытык кырдьаҕастар төрөппүт оҕолоро кыттыыны ыллылар, ол курдук Петр Михайлович Павлов төрөппүт кыыһа Екатерина Михайлова Сулҕаччыга тэриллибит “Тэҥнэбил” артыал 100 сылыгар аналлаах ыһыахха аһыллыбыт, 1954 сыллаахха ыйаммыт “Капсула времени” ис-хоһоонун кэпсээтэ, улахан экраҥҥа толору көрдөрдө, Василий Степанович Николаев төрөппүт кыыһа Оксана Васильевна Борисова Абаҕаттан кэлэн, аҕатын олоҕун, үлэтин кэпсиир сэдэх хаартыскалары көрдөрдө, кэпсээтэ уонна бэйэтин аҕатын аатынан “Үйэлээх тутуу” диэн анал ааты, харчынан бириэмийэни нэһилиэк элбэх оҕолоох, быйыл саҥа дьиэҕэ киирбит Роксана, Иосиф Стручковтар элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ туттарда. Аҕатын билэр дьонун, табаарыстарын оҕолорун кытта билистэ, ирэ-хоро кэпсэтэн барда
Үөрүүлээх чааска ветераннары Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан баһылыгы солбуйааччы Василий Александрович Неустроев эҕэрдэлээтэ, наҕараадалары туттартаата. Үһүс көлүөнэ “Күөгэйэ” үҥкүү бөлөҕө “Бурятскай” үҥкүүнү бэлэх ууннулар. Салгыы тыыл, үлэ ветерана, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Петр Михайлович Павлов суруйбут хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыыҕа күрэх буолла. Күрэххэ 9 киһи кыттыыны ылла, түмүк маннык буолла:
1-кы миэстэ Раиса Иосифовна Стручкова, 2-с миэстэ Александра Михайловна Кириллина, 3-с миэстэ Зоя Петровна Рязанская, биһирэбил бириис Розалия Иннокентьевна Кириллина. Хоһоон ааҕааччылартан уонна көрөөччүлэртэн хас да киһи Петр Михайлович туһунан кылгас, истиҥ ахтыы оҥордулар.
Бырааһынньыктааҕа итии чэйдээх остуол тула ирэ-хоро кэпсэттилэр, ооньуу-көр арааһа буолла:
— «Күһүҥҥү серенада» ырыа күрэҕэ. Бастаата Степанова Мария Георгиевна, иккис миэстэ Максимова Агнесса Дмитриевна, үһүс миэстэ Кульбертинов Валерий Тихонович буоллулар.
— «Мин эбээм былаата» – эбээм бааммыт былыргы былаата күрэххэ бастаата Михайлова Анастасия Николаевна
— «Былыргы ырыанньык» — урукку илиинэн суруллубут ырыанньык күрэҕэр 1942 уонна 1952 сыллаахха суруллубут уруһуйунан киэргэтиллибит ырыанньык тэтэрээттэр хаһаайкалара Елена Григорьевна Рязанская бастаата
— «Эдэр сааһым таҥаһа»(ретро-стиль) муода күрэҕэр 8 киһи кыттыыны ылла. Күрэххэ Егорова Галина Иннкентьевна бастаата, 2-с миэстэ Михайлова Екатерина Петровна, 3-с миэстэ Горохова Евдокия Егоровна буоллулар. Күрэххэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар араас бириистэр туттарылыннылар. Дьоро киэһэ түмүктэниитэ бары күрэхтэргэ актыыбынайдык кыттыбыт Зоя Петровна Рязанскаяҕа, Агнесса Дмитриевна Максимоваҕа, Семен Никитич Еримеевка уонна тэрээһиннэргэ кыттар Наталья Прокопьевна Андросоваҕа анал бириистэр туттарылыннылар.
Биэчэр түмүгүнэн кырдьаҕастар, аҕам саастаахтар тэрийээччилэргэ үгүс махтал тылын эттилэр, дуоһуйан, астынан тарҕастылар. Педагогическай үлэ ветераннара А.Д. Максимова, З.П.Рязанская : “Сыл аайы кырдьаҕастарга анаан араас тэрээһиннэри ыытаргыт олус үчүгэй, сэргэхсийии буолар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ элбэх буолан үчүгэй, кулууп, библиотека үлэһиттэрэ солун, сэргэх тэрээһиннэри тэрийдилэр, көхтөөхтүк кытынныбыт, онон олус махтанабыт. Инникитин да маннык мероприятиелар буола турдуннар, сэргэхситэ сырыттыннар. Үлэҕитигэр ситиһиилэри, доруобуйаны, дьолу баҕарабын. Марияҕа, Еленаҕа махтал”, Р.И.Иннокентьева “Кырдьаҕастар декадаларынан наһаа үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт,тэрийбит дьоҥҥо барҕа махтал,инникитин да маннык саастаах дьону үөрдэ көтүтэ сылдьыҥ,баҕарабын доруобуйаны,дьоллоох олоҕу”. Дьоро киэһэни тэрийэн ыыттылар Сулҕаччы нэһилиэгин ветераннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Д. Наумов аатынан библиотека кылаабынай библиотекара Елена Попова, Х.Максимов аатынан кулууп режиссера Мария Дьячковская, кинилэри кытта тэҥҥэ тэрийсэн үлэлэстилэр социальнай киин үлэһиттэрэ Ньургустина Павлова, Саргылана Тарасова, олохтоох дьаһалта үлэһитэ Евгения Степанова.
Декада устата «Сарыал» маҕаһыыҥҥа «Үтүө санаа» ас-үөл,табаар корзината акция үлэлээтэ. Хомуллубут бородуукта ытык кырдьаҕастарбытыгар, барыта 5 киһиэхэ үтүө баҕа санааны кытта бэлэх уунулунна. «Көмүс күһүн,көмүс саас»-күһүҥҥү ыраастаныы субуотунньуктара,оскуола бары кылаастара кыттыылаах тимуровскай көмөлөр оҥоһулуннулар. Ветераннар,пенсионердар “Кырдьаҕастан-алгыһын» акцияҕа кыттан СВО кыттыылаахтарыгар харысхал бэлиэтин оҥорууга кыттыстылар. Оттон алтынньы 9 күнүгэр «Эдэрдии эрчиминэн..»-лотуоһуттар күрэхтэрэ ыытылынна.

    Аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт декада чэрчитинэн Болугурдааҕы олохтоох библиотекаҕа «Назад в СССР» тэрээhин ыытылынна. Библиотека көхтөөх ааҕааччылара, куруук көмө буолар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор бэтэрээн учууталларбыт кэлэн интерактивнай квиз-оонньууга икки хамаанда буолан кытыннылар. Ол курдук, «Ашки» хамаанда састааба Альбина Павлова, Александра Александрова, Александра Чирикова уонна «ДЛГ» хамаанда Дария Моисеева, Любовь Борисова, Галина Неустроева буолан эрчимнээх эдэр саастарын санаан, сэбиэскэй кэминээҕи историяны сэгэтэн, боппуруостарга эппиэттээн, илин-кэлин киирсэн, түмүккэ тэҥ очукуолаах тахсан доҕордоhуу кыайда.

    Маны таьынан үтүө өйдөбүллээх, сүрэххэ-дууhаҕа чугас, күндү малы, биридимиэти аҕалан көрдөрөн, сэhэргээн, хас биирдиитин имэрийэн-томоруйан, тыаhатан көрдүбүт-иhиттибит,  сэбиэскэй кэми ахтан-санаан ыллыбыт.

   Күннээн-күөнэхтээн үлэлээн, үлэттэн үтүөнү, өрөгөйү билбит олох биир кэрдиис кэмин историята куруук ахтылла турдун. 

      Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн, алтынньы 9 күнүгэр «Күһүҥҥү лирика, хоһоон хонуута» ыҥырыылаах ыалдьыппыт,  биир дойдулаахпыт, Россия суруйааччыларын  журналистарын союһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт Саргылана Васильевна Гольдерова — Саргы Куо нэһилиэнньэни кытары көрүстэ. Көрсүһүүбүт бастакы чааһа күннэх бэйиэт Күннүк Уурастыырап төрөөбүт Саппыйа алааһыттан уонна Олоҥхо дьиэтиттэн саҕаламмыта.  Иккис чааһыгар, бэйиэт  ырыа буолбут “Дьикти сайын” хоһоонунан, ырыа ыллаан,  эҕэрдэлээн киэргэттилэр “Далбар Хотун” түөлбэ ансаамбыла, салайааччы СР култууратын туйгуна Наталья Николаевна Константинова. Саргылаана Васильевна-Саргы Куо  истиҥ көрсүһүүттэн олус астынан, хоһооннорун доргуччу ааҕан, бэйэтин кинигэтин бэлэх уунан, баҕа санаатын, алгыс тылларын тиэртэ. Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ бэйиэти  кытта көрсөн, хоһооннорун  ааҕан,  истиҥ-иһирэх кэпсэтииттэн олус астыннылар-дуоһуйдулар, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.

 

30 сентября, начиная с 2023 года, в России отмечается новая памятная дата- День воссоединения Донецкой Народной Республики, Луганской Народной Республики, Запорожской области и Херсонской области с Российской Федерацией. В этот день рассказала и показала ученикам события тех дней. Дети с удовольствием послушали, а затем и разделившись на команды поиграли в квиз- игру на патриотическую тему.

Библиотека сонуннара

Ааспыт нэдиэлэҕэ Чакыр нэһилиэгэр аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтээтибит. Тэрээһиннэр аһара бэркэ табыллан бардылар. Ардах самыыр диэн иҥнэн-толлон турбакка добуочча элбэх киһи тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыы ылла. Илларионова Р.В. аатынан Чакырдааӄы сельскэй библиотека үлэһиттэрэ «Мин дойдум – Саха сирэ» диэн күрэх ыытта. Кыайыылааӄынан Васильева Анна Ивановна буолла. Күрэх кыттыылаахтарыгар барыларыгар сэмэй бэлэх туттарыллынна.
Декада чэрчитинэн сыл ахсын үгэскэ кубулуйбут Аӄам саастаах ааӄааччыларга библиотека аатыттан Махтал сурук уонна сэмэй бэлэх туттарыллынна. Саамай көхтөөх ааӄааччыларбыт: Гаврильева Евдокия Иннокентьевна, Крылова Марина Софроновна, Григорьев Николай Николаевич, Игнатьева Светлана Николаевна, Варламова Светлана Ивановна буолаллар.
Аӄам саастаах кырдьаӄастарбытыгар тапталбыт, убаастабылбыт, махталбыт мунура суох. Кырдьар диэӊӊэ кыһаллыбакка, ыарыы диэни ылыммакка, чиргил чэгиэн доруобуйаланын, уу чуумпу олохтонун, ыбылы дьоллоох суолланын, үрдүк түөлбэлэнин, үчүгэй тыл мүөттэнин, дьон хамсыырын толорун, алгыс курдук олорун!

Алтынньы ый 12 күнүгэр Ф. Потапов аатынан культура киинигэр 14.00 чаастан Алтаннар киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт, биллиилээх мелодиспыт Валерий Власьевич Ноев төрөөбүтэ быйыл 85 сылын туоларынан кинигэ презентацията буолан ааста. Бу бэлиэ түгэңңэ туһаайан уонна 2024 сыл Саха республикатыгар «О5о саас» сыла биллэриллибитэнэн Алтаннааҕы «Иэйии» киин уонна олохтоох библиотека үлэһиттэрэ оҕолорго аналлаах ырыанньык оңорон таһаардыбыт. Аныгы олох тэтиминэн хас биирдии ырыа QR-кодтаах, онон киирэн дууһа астынар ырыаларын дуоһуйа истиэххитин, тэңңэ ыллаһыаххытын сөп. Ырыанньыкка киирбит 13 ырыаны Алтан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уруһуйдаан киэргэттилэр. Кинигэбит 100 экземплярынан Дьокуускайдааҕы «Офсет» хампаанньаҕа бэчээттэнэн таҕыста, 32 страницалаах, сымнаҕас переплеттаах. Кинигэ редактордара А.А.  Лобанова, А.А. Захарова, тас киэргэтии В.П. Дьячковская. Бу кэрэ бэлиэ күңңэ анаммыт кинигэбит Валерий Ноев аатын, ырыатын тойугун үйэтитэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕана турарыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.

11 сентября прошёл праздник к международному дню девочек. Праздник проходил МБУ Чапчылганский клуб ЦК им. М.М.Григорьева с дресс-кодом: кукольный или розовый наряд. Для них подготовили разные конкурсы, песни и танцы. От библиотеки прошёл мастер — класс по рисованию пластилином.
На праздник пригласили педагога детской школы искусств Захарову Туймааду Апполоновну для аквагрима. Также работала вкусная лавка для девочек.

Б.Харысхал аатынан библиотека алтынньы ыйдаах тэрээһиннэрэ Саха Республикатын государственноһын күнүгэр икки этабынан үөрэнээччилэргэ,ыччаттарга, республикабытын билиһиннэриинэн викторинанан саҕаланна, Мээндиги сиригэр эмиэ уһуллубут Тыгын Дархан туһунан художественнай киинэ көрдөрүлүннэ,биир дойдулаахпыт Харысхал памятнигын аһыллыытыгар суруйааччыга анаммыт хоһооннору аахтыбыт, библиотекаҕа Аан дойдутааҕы саастаахтар күннэригэр анаммыт «Мы родом из СССР» төгүрүк остуол, паркаҕа, музейга экскурсия буолла.Викторина оонньуутугар -«Өркөн өй» Анал аатын уонна Сэбиэскэй союз Кэминээҕи өйдөбүнньүк малы кэпсээһиҥҥэ- «Дьикти, үчүгэй өйдөбүнньүк мал» Анал аатын- Соморсун, уксаан оонньуутугар «Уксаан кыайыылааҕа» Анал аатын -Мээндиги хамаандалара ыллылар. Аан дойдутааҕы кыргыттар күннэрин көрсө 6-7 кыл.кыргыттара «Сахалыы саҥарабын» диэн квест оонньууга кыттан, «Сахалыы ырбаахы уруһуйун кыайыылааҕа» -Элиза Сивцева, «Мүнүүтэҕэ сахалыы ааҕыы кыайыылааҕа»- Саймина Сивцева, «Нууччалыыттан сахалыы быһаарыы кыайыылааҕа»- Изабелла Кривошапкина, «Тыл суолтатын билии кыайыылааҕа»- Динара Данилова буоланнар анал ааттар туттарылыннылар.
Маны таһынан 4 кылаас үөрэнээччилэригэр библиотечнай библиографическай билиигэ экскурсия, тылдьыттары ырытыы, кинигэлэри билсэн уларсыы буолла. Ону таһынан библиотечнай библиографическай үлэҕэ уроктар экскурсиялар буоллулар,алтынньы 12 күнүгэр краевед Алексеев М.А.»Күн дьоно-Хоролор» саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ ыытылынна.

Алтынньы ый 11 күнүгэр Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн олохтоох библиотекаҕа «Битва поколений» диэн шахматнай турнир буолан ааста. Оскуола саахымакка кружогун салайааччыта Мария Семеновна Смитина алын сүҺүөх кылаас оҕолорун тэрийэн аҕалан аҕам саастаахтары, доруобуйанан хааччахтаахтары, саахыматы сөбүлээн оонньооччулары кытта күөн көрүстүлэр. Библиотека үлэҺиттэрэ кинигэ быыстапката уонна улуу шахматистар уонна шахмат историятын билиҺиннэрэр биктэриинэ ыыттылар. Оскуола бизнес — инкубатор оҕолоро минньигэс тортунан күндүлээтилэр.

Соморсун нэьилиэгин социальнай үлэҺитин сэргэ олохтоох библиотека үлэҺиттэрэ алтынньы ый 9 күнүгэр аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн доруобуйаларынан хааччахтаах уонна сво-ҕа сылдьар байыастар төрөппүттэригэр анаан «Поле Чудес» тэрийэн ыыттыбыт. Кэлбит ыалдьыттарбыт музыкальнай номерынан эҕэрдэлэҺэн, сахалыы эргэрбит тыллары таайан, муҥутуур кыайыылааҕы Тамара Григорьеваны эҕэрдэлээн, минньигэстик чэй иҺэн, сэргэхсийэн тарҕастыбыт

Болугур нэһилиэгин айар куттаах олохтоох ааптара Галина Гаврильевна Максимова айылҕа биир алыптаах, кэрэ, көмүс кэмин — күһүнү хоһуйбут хоһооннорун билиһиннэрэбит. Күһүҥҥү айылҕаны хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттэ Зоя Арсениевна Корнилова.

Күһүҥҥү тыа
Саһарбыт сэбирдэх тэлээрэр,
Сири көмнөхтүүр, бүрүйэр,
Суугунас күһүҥҥү айылҕа
Сөрүүннүк сирэйбин илбийэр.
Сиэдэрэй хатыҥнаах чараҥҥа
Сииктээх от нүөлсүйбүт сиригэр,
Айылҕа алыба маанылаан
Тэллэйи тэлгэтэн тэниппит.
Бөп-бөдөҥ мастардаах тыатыгар
Толору отонун олорпут,
Айылҕа амтанын амсата
Сугунун сааһылаан хаалларбыт.
Хатыланар бөлкөйдөрүн,
Хатыылаах дьикти дөлүһүөнүн,
Кып-кыһыл алыптаах дьүһүнүн
Хараҕы үөрдээри ыйаабыт.
Уон араас өҥүнэн оонньооҥҥун,
Күһүҥҥү дьэрэкээн айылҕа,
Дууһабын музанан толоро
Уйаннык долгута сылыттыҥ.

Курулас ардах
Түннүгүм анныгар чалбах уу
Айылҕа туругун кэпсиирдии,
Оргууйдук дьиримнии долгуннуу
Тыалбыт сипсийэрин сэһэргиир.
Курулас ардах түһэр чалбахха
Элбэх нуотаны оонньото-айа,
Ол гынан күһүҥҥү серенада
Мелодията бүгүн биир курус.
Күһүҥҥү силбик, сөрүүн салгын
Дьагдьатар, тоҥорор-хатарар,
Чалбахпыт куурарын кэтэһэ
Долгуйа кэтиибит халлааны.
Күһүҥҥү сиппирэҥ апдахпыт,
Чуумпуга олордо үөрэтэр.
Санааны ыраастаан, сааһылаан
Үтүөҕэ тириэрдиэн баҕарар.
Курулас ардахтан саһаммын
Оһохпун толору оттобун,
Сып-сылаас суоһугар олорон
Сүрэҕим сылаанньыйан ылар.

 

Күһүҥҥү ыраас халлаан
Күһүҥҥү ыраас халлаан
Эн сырдык санааны саҕаҕын,
Сөп-сөрүүн салгыҥҥын сөбүлээн
Дуоһуйа астына тыынабын.
Күлүмнэс күн сөтүөлүүр эбэҕэ,
Долгуна суох ыраас көрүҥҥэр,
Ол ыраах мотуорка айана
Биэрэги оргууйдук хамсатта.
Күһүҥҥү байылыат тиэргэҥҥэ
Сибэкки хойуутук мичээрдиир,
Үгүс ыал дууһатын үөрдээри
Оҕуруот өлгөмнүк көрүлүүр.
Хонууга астына мэччийэр
Тыа ыалын төһүүтэ — сүөһүлэр,
Үрүлүйэр үүт-сүөгэй үтүөтэ,
Үп-харчы эбиллэр быйаҥа.
Оҕо-аймах сөрүүнү сөбүлээн,
Таһыттан киирбэккэ сырсаллар,
Оскуола боруогун кэтэһэ
Үөрэллэр-көтөллөр, күүтэллэр.
Бу дьоллоох, бу орто дойдуга
Барыта ырааһа, кэрэтэ,
Чуумпу, ып-ыраас халлаанныы
Устан ис олохпут дуоһута.

 

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооңңо хоһуллубут, сардааналыын көрсүбүт Аммабытыгар, сайыны сайыспыт хатыңчааннаах Алтаммытыгар, киһиэхэ төрөөбүт дойдута сүрэҕин чопчута буоларын ырыа гынан ыллаабыт биир дойдулаахпыт, биллиилээх мелодист, Валерий Власьевич Ноев, быйыл 85 сааһа буолла. Сахабыт сиригэр 2024 сыл Оҕо саас сыла биллэриллибитинэн оҕолорго аналлаах ырыанньык таһаартараары бэлэмнии сылдьабыт. Алтан нэһилиэгин библиотеката кинигэни кытта ыкса үлэлиир буолан, нэһилиэкпититтэн тахсар кинигэ барыта библиотека нөңүө таңыллан, бэчээттэнэн тахсар. Ырыанньыкпытын Алтан орто оскуолатын үөрэнээччилэрин дьэрэкээн уруһуйдара киэргэтэллэр. Аныгы кэм тэтиминэн хас биирдии ырыа QR-кодтаах буолар. Оҕолор барахсаттар дууһа ыллыыр ырыаларын дуоһуйа истиэхтэрэ, тэңңэ ыллаһыахтара диэн эрэнэбит.

14 сентября прошла презентация книги памяти первого главы МО «Чапчылганский наслег» Григорьева Михаила Михайловича, о человеке, который внес большую заслугу для развития Чапчылганского наслега. Пусть светлая память живет в наших сердцах. Эта книга станет историей для молодого поколения о деятельности первого главы села. Благодарим семью Григорьевых за подаренную книгу.

                                                                 “Көмүс куоласчааннар” Кытайга бараары бэлэмнэнэллэр
Сулҕаччы библиотеката 1995 сыллаахтан үлэлэтэр бырайыага оҕо-аймах айар дьоҕурун сайыннарар “Көмүс куоласчаан” күрэх 2023 сылтан саҕалаан улуустааҕы тэрээһиҥҥэ кубулуйда. Быйыл 2024 сылга 29-с төгүлүн ыытылынна. Нэһилиэк дьаһалтата, кулууп, библиотека уонна бары тэрилтэлэр бу күрэҕи өйүүллэр, күүс-көмө буолаллар. Быйылгы күрэххэ дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Саха республикатын культуратын туйгуна, Христофор Максимов аатынан культура киинин режиссера,республикаҕа киэҥник биллибит “Быара суохтар” норуот көр-күлүү театрын салайааччыта Мария Андреевна Дьячковская, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Мындаҕаайытааҕы “Ымыы” уһуйаан музыкаҕа салайааччыта Надежда Николаевна Артемьева, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Амма орто оскуолатын музыкаҕа учуутала, Матрена Ивановна Исакова, Бологур нэһилиэгин муниципальнай тэриллии дьаһалтатын главнай специалиһа, хомус, үҥкүү түмсүүлэрин салайааччыта Дария Григорьевна Дьячковская.
Россияҕа дьиэ-кэргэн, Саха республикатыгар оҕо саас, Амма улууһугар олоҥхо сылларыгар анаммыт күрэххэ барыта 51 оҕо кыттыыны ылбыта. Күрэх түмүгүнэн Гран-при хаһаайыннарынан үс көрүҥҥэ буолбуттара:
Хоһоон ааҕыытыгар Айтал Чоросов (Сэргэ-Бэс) “Саха саҥата” Семен Данилов хоһоонунан, ырыаҕа Матвеев Дениэль, Сулҕаччы оскуолата, үҥкүүгэ Ангелина Мартынова, Соморсун. Маны таһынан лауреат үрдүк аатын 13 оҕо ылбыта. Күрэх урукку с ылтан уратыта – дьиэ-кэргэнинэн кыттыы. Манна 1 ст.лауреатынан Сулҕаччыттан Сазоновтар, 2 ст. Лауреат- Носовтар (Сулҕаччы), 3-с ст. Лауреатынан Сэргэ-Бэстэн Сутаковтар дьиэ-кэргэн буолбуттара. Көрэххэ кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыт 11 оҕо алтынньы ыйга Кытай народнай республикатын Хунчунь куоратыгар барарга путевка ылбыттара. Кинилэр 11-с төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы «Красочный калейдоскоп» конкурс-фестивальга кыттыыны ылыахтара. Бырайыагым үйэлээх үгэскэ кубулуйда. “Көмүс куоласчааны” төрүттээбит киһи буоларым быһыытынан, күрэхпит саҥа үрдэлгэ үктэммититтэн киэн туттабын.

Республиканскай маҥнайгы семейно — патриотическай фестиваль «Отон.фест» чэрчитинэн ыытыллар «Саха комикс» конкурска А.П.Рязанскай аатынан Соморсун орто оскуолатын 9 кылааҺын үөрэнээччитэ Даайа Давыдова 15 — 18 саастаах оҕолорго 2 миэстэ ылла. Кини быйыл улууспутугар ыытыллыбыт Олонхо ыҺыаҕар анаан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон уруҺуйдаан кытынна

С 18 по 23 сентября в нашей Бетюнской сельской библиотеке прошел конкурс рисунков «Чудо ягода- Брусника». Всего в конкурсе участвовали 16 работ. Путем голосования на нашем канале в телеграм стали известны победители:
Артемьев Андрей — 1 место,
Никитин Коля- 2 место,
Васильева Вика — 3 место.
Всем участникам вручили призы, грамоты, благодарственные письма.

   В рамках I Республиканского семейного патриотического фестиваля «ОТОН.фест» Эмисская библиотека провела семейный фотоконкурс «Биир күн сылы аһатар» («Один день год кормит»), где семьи нашего села приняли активное участие, очень отрадно, что наши семьи сохраняют семейные ценности и труд. Победители и номинанты награждены памятными призами и грамотами, также, все усчастиники получили благодарственные письма от имени нашей библиотеки.

                                                                                      Тэрээһиннэр са5аланнылар

Олохтоох библиотека бастакы дьиэ кэргэнинэн патриотическай “ОТОНФЕСТ” күрэҕи өйүүр сыаллаах Сэргэ-Бэс бөһүөлэгин иһинэн «Уус-уран коллаж»  акциятын ыытан саҕалаата. Билиҥҥи туругунан дьон кыттыыны ылан эрэр. Бу акциябыт түмүгүнэн Республикабыт судаарыстыбаннаһын күнүгэр ФЛЕШМОБ оҥоһуллара күүтүллэр.  Сыл тахсар аспытын ОТОН барахсан өлгөм үүнүүтүн, дьиэ кэргэни үлэҕэ, биир санааҕа түмпүтүн туоһулуур, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны бигэргэтэр хаартыскалар кээрэттэн кэрэ көстүүлэрэ кэккэлэһиэхтэрэ. Бу киирбит үлэлэри үйэтитэр былааннаахпыт. Онон библиотека фондатыгар биир сэмэй бэлэх буолара саарбаҕа суох. Библиотекаҕа хараллан дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыаҕа. Инникитин өссө ыытыллыннаҕына сыл ахсын халыҥаан иһиэҕэ…. Маны таһынан оскуола иһинэн дьиэ кэргэнинэн күһүнү сэргэхтик көрүстүбүт. Үүнээйиттэн араас ас эгэлгэтэ тэлгэннэ…Өссө улахан тэрээһинэ Көмүс күһүн – Сахам сиригэр республикабыт судаарыстыбаннаһын күнүгэр тэриллиэҕэ.

Мээндиги библиотекатыгар балаҕан ыйа үлэ үгэниттэн саҕаланна,ол курдук экскурсиялар, Дьиэ кэргэн сылынан «Родителям о подростках» обзор, оскуола тэрийбит икки күннээх улуснай патриотическай слетка библиотека патриотическай ааҕыы күрэҕин , гражданскай сэрии тематыгар викторина ыытта.Республикатааҕы «Отонфест»ка анаан нэһилиэк кэрэ бэлиэ сирдэрин туһунан ыччаттарга , дьиэ кэргэттэргэ виртуальнай экскурсия ,худ.киинэ көрдөрүлүннэ, айылҕаҕа сыһыаннаах сахалыы дьыктаан сурулунна.

                                                                                      «Күһүӊӊү сибэкки дьөрбөтө»
Балаӄан ыйын 23 күнүгэр Илларионова Р.В. аатынан сельскэй библиотекаӄа сонун маастар кылаас буолан ааста. Библиотека иһинэн «Дьиэ кэргэнинэн ааӄыы» кулууб чилиэннэрэ хатыӊ сэбирдэӄинэн роза сибэкки оӊорорго үөрэннилэр.
Оӄолор оноро олорон сайыӊӊы уһун өрөбүллэрин хайдах атаарбыттарын, туох туһалааӄы гыммыттарын сиһилии кэпсээтилэр. Көрдөөх мүччүргэннээх сырыыларын сырдаттылар. Көмүс күһүн туһунан араас айымньылары аахтылар. Саӊа былааннары ырытыстыбыт.
Оӄолор библиотекаларын ахтыбыттарын, дьарылыктарын суохтаабыттарын кэпсээтилэр .

Угадай фильм по кадру

Привет друзья, сегодня я вам подготовил простой тест, нужно отгадать фильм по одному кадру, Удачи!

Нужно лишь угадать названия наших любимых культовых фильмов, а в конце узнать результат а также получить диплом.

https://onlinetestpad.com/72muhmfzonwla

День Государственного флага России

https://onlinetestpad.com/snvlu5leg6bhi

Также 22 августа прошла виртуальная выставка и викторина на знание к Дню государственного флага в России. 22 августа 1991 года Верховный совет РСФСР выпустил постановление, по которому национальным флагом страны стал триколор.
Прошла виртуальная выставка 16 августа к 125-летию Андрея Платоновича Платонова (настоящая фамилия Климентов) родился 16 Русского советского писателя, поэта, публициста, драматурга, сценариста, журналиста, военного корреспондента и инженера. Участника Великой Отечественной войны. Автора романов «Чевенгур», «Счастливая Москва», множества повестей и рассказов, среди которых «Сокровенный человек», «Ювенильное море», «Епифанские шлюзы», «Котлован», «В прекрасном и яростном мире», «Джан», «Возвращение».

Алгыстаах Амма Абаҕатыгар төрөөбүт дойдуну, олох араас көстүүтүн, кэрэтин, күндүтүн, сырдыгын сурукка тиһэр, иэйэр куттаах айар дьоҕурдаах дьон элбэхтэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ аҕам саастаах  уонна айар куттаах дьоммутугар «Айар талаан ыллыктарынан» литературнай чаас үрдүк таһымнаахтык ааста. Библиотека иһинэн «Иэйии илгэтэ» диэн айар түмсүү үлэлиир. Бу түмсүүгэ айар куттаах дьон мустан

саҥа суруйбут хоһооннорун, кэрэхсэбиллээх айымньыларын иһитиннэрэллэр, дорҕоонноохтук ааҕаллар, ырыталлар. Арай хам-түм, ардыгар начаас, иэйии куустаҕына, хомоҕой тылларын сааһылаан айымньы маанытын айаллар.

Социалистическай Үлэ Геройа, бастыҥ сылгыһыт Лукин Тимофей Спирдонович 110 сылыгар аналлаах «Аллаах ахсын аппынан» кэтэхтэн хоһоон айар күрэҕэр, Тимофеева Бранцузка Романовна «Үлэһит киһиэхэ» диэн Саха сирин биллиилээх сылгыһытыгар Гаврил Михайлович Семеновка анаабыт хоһоонунан  кыттан «Биһирэбил бириис» ылбыта. Бирииһэ «Кыыс Амма» форфровой куукулата. Карманов Прокопий Васильевич «Саха сылгыта барахсан» диэн хоһоонунан кыттан, махтал  суругунан наҕараадаланна. Бирииһэ 450 солк. сертификат. Айар куттаах дьоммутун ситииһилэринэн эҕэрдэлээн туран, бириистэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт.

           Салгыы «Ырыа киһи ис туругар дьайыыта» диэн маастар-кылаас ыытылынна. Маастар-кылааһы үрдүк категориялаах учуутал, Саха Республикатын культуратын туйгуна Ганна Гаврильевна Черова ыытта. Ыллыырга

сөпкө тыыныы ньыматын сиһилии көрдөрөн, тыыннаран, ыллаан, астына иһиттилэр, үөрдүлэр. Сынньана таарыйа күндү бэлэх «Остуол оонньуута Үс» оонньоон, өйү-санааны сааһылаан,

«Айылҕа таабырыҥнара» биктэриинэҕэ эппиэттээн, тэрээһиммит олус сэргэхтик ааста. Муҥутуур кыайыылааҕынан бастыҥ ааҕааччыларбыт Григорьев Семен Алексеевич уонна Скрябина Софья Петровна буоллулар. Кинилэргэ өйдөбүнньүк бэлэх туттарылынна. Сааһырбыт аҕам саастаах дьоммут кэлэн, үөрэн- көтөн, ыллаан-туойан, үүттээх сылаас чэйи иһэ- иһэ, ирэ-хоро кэпсэтэн, астынан, махтал тыллары этэн, үөрэн тарҕастылар.

Оҕолуу уйаннар, кыраттан үөрэллэр, сэгэйэ түһэллэр, тыыннаах тыллары хоһоонноругар тиһэллэр, суруйаллар.

 

Кинигэ баар —

Бараммат баай,

Барыны-бары

Кинигэттэн билэбит.

Кинигэни ааҕыҥ,

Кинигэлиин доҕордоһуҥ.

Кинигэ — киһи доҕоро,

Кинигэ — дириҥ билии кылаата,

Кинигэ — үтүө сүбэһит,

Кинигэ — өлбөөдүйбэт баай!

А.Е. Кралин аатынан Абаҕатааҕы уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын иһинэн сайын аайы үлэлиир «Незабудка» лааҕыр иккис сезонугар салайааччы Захарова Татьяна Васильевна, иитээччи Айыына Федосеевна Тритонова иилээн-саҕалаан үлэлэттилэр.Бу сезон үлэлиир кэмигэр, олохтоох библиотека араас өрүттээх массовай үлэлэри ыытан, оҕолор астыммыттарын биллэрэллэр. Россия үрдүнэн «Дьиэ кэргэн сыла», Саха сиригэр «Оҕо саас сыла» бэлиэтэнэр. Быйыл Оҕо саас сылын көрсө «Азия оҕолорун» 8- с оонньуулара Дьокуускай куоракка, Н.Тарскай аатынан стадионҥа үрдүк таһымнаахтык ааспыта. 1996 сыллаахха, Саха Республикатын бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев инициативатынан саҕаламмыта. Сайыҥҥы сынньалаҥ  лааҕыр оҕолоругар «Көрдөөх стартар» оонньуу ыытылынна. Бастаан «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу историятын видеонан көрдөрөн кэпсээн саҕаланна. Дьэ ол кэннэ икки команда, 9 түһүмэхтээх көрдөөх оонньууга күөн көрүстүлэр.

Ким билиилээх, ким бэлэмнээх, сытыы- сымса команда кыайыыга дьулуһар.

«Орлы» уонна «Бобры» хамаандалар кииристилэр. Бастакы түһүмэххэ командирдар ыйытыкка эппиэттииллэр, остуоруйа геройдарынан «Мы из каких сказок?», «Ытыгынан күөччэх ытыйыы», «Отонноотоххо оҥоойук туолар» 30 сек, Теннис» мээчигин сүүрдүү», «Ойбонтон уу таһыы», Кинигэлээх хаамыы», «Росаны атаххар кыбынан» сүүрүү, «Түөрт атах» мээчиги искэ ууран сүүрүү. Бүтэһигэр команданан сыапачканан сүүрүү. Ыһыылаах- хаһыылаах киирсии кэнниттэн, кыайыылааҕынан таҕыста » Орлы» команда, командир Тимофеева Даша, иккис миэстэни «Бобры» хамаанда буолла, командир Устинова Күннэй. Оҕолору минньигэс аһынан, утаҕынан күндүлээтибит. Оонньоон, сүүрэн- көтөн, сынньанан, астынан, махтананан тарҕастылар.Өрүү да көхтөөх, кинигэни ааҕыҥ, кинигэлиин доҕордоһуҥ диэн алгыс тылынан түмүктээтибит. Доруобай, дьоллоох буолуҥ!

Болугурдааҕы олохтоох библиотекаҕа «Библиоканикулы» диэн үhүс сылбытын сайыҥҥы ааҕыы былаhааккатын үлэлэттибит. Үлэбит сыала-соруга оҕону кинигэ, ааҕыы эйгэтигэр угуйуу, иллэҥ бириэмэлэрин туhалаахтык атааралларын ситиhии. Икки нэдиэлэлээх былаhааккабытыгар уопсайа 17 алын сүhүөх кылаас оҕолоро сырыттылар. Күн аайы саҥаттан саҥа тэрээhин толкуйдаан, ыытан, аралдьытан, оҕолор көхтөөхтүк сылдьан бириэмэбит биллибэккэ ааста. Ол курдук «Төрөөбүт дойдум ытык-бэлиэ сирдэрэ» бэсиэдэлээх экскурсия, дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах женкомитет салайааччыта Пермякова М.А. уонна социальнай үлэhит Аммосова З.М. кыттыылаах квест оонньуу, бэтэрээн учуутал Павлова А.В. Антуан де Сент-Экзюпери «Маленький принц» айымньытын тула интэриэhинэй бэсиэдэтэ, пластилин күнүгэр дьиэҕэ судургутук оҥоhуллар пластилины оҥоруу, туустаах тиэстэни мэhийииттэн саҕалаан араас оҥоhуктары оҥорон үөрүү-көтүү, эhээлэр күннэригэр «Мин эhээм» оҕолор кэпсээннэрэ, «Эhээбэр бэлэх» бэйэлэрин илиилэринэн эҕэрдэ открытка оҥоруу, иитээччи Петрова Л.А. ыалдьыттааhына, оҕолорго бэйэтэ оҥорбут ребустарын таайтарыы, бары билэр «Эриэппэ» остуоруйаларын оруолларынан толорон куолас уларыйыытын сэргээн-сэҥээрэн истии, Бөтүрүөп таҥара алаадьытынан күндүлээhин, онтон да атын тэрээhиннэр ыытылыннылар. Күммүт күн аайы кинигэ, сурунаал көрүүттэн, ааҕыыттан, ону таhынан мүнүүтэҕэ ааҕыыттан саҕаланар. Былаhаакка бүтэhик күнүгэр хас биирдии оҕо грамотанан, түгэни үйэтитэр хаартысканан бэлиэтэннэ. Минньигэс торт амсайан, кырачаан Анжелика Сунтарова олоҥхотун сэҥээрэ истэн, Айыына Кожурова ылбаҕай ырыатынан эҕэрдэлээн, оҕолорбут баҕа санааларын суруйан өссө да көрсүөхпүт, кэлиэхпит диэн былаhааккабытын түмүктээтибит. Ол эрэн библиотека аана куруук аhаҕас, кинигэ дьиэтэ доҕотторун үөрэ-көтө көрсөр.

 Наһаа үчүгэй, көхтөөх оҕолор сылдьан эбээлэргэ эһээлэргэ, төрөппүттэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит. Оҕолор ааҕыы түһүлгэтигэр сылдьан элбэх саҥаны, сонуну билэн, үөрэн-көтөн, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар үтүө өйдөбүл буолан хаалыа диэн эрэнэбит.

8 июля Чапчылганская библиотека организовала День открытых дверей для воспитанников летнего лагеря «Ветерок» с целью пропаганды чтения детей во время летних каникул. В рамках Дня в библиотеке была организована книжная выставка, посвященная Дню семьи, проведена беседа о важности семьи и семейного чтения, обзор книг для летнего чтения. Многие воспитанники лагеря впервые открыли для себя волшебный мир библиотеки и с воодушевлением оформили формуляры читателя.

Агро хайысхалаах биридимиэттэри эбии үөрэтиилээх А.Е. Кралин аатынан Абаҕатааҕы уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын иһинэн үлэлиир, «Незабудка» үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын оҕолоругар анаан «Айылҕа барыбыт баайа!» тематическай биэчэр ыытылынна. Библиотекаҕа «Здравствуй, здравствуй книжкин дом» өскүүрсүйэ уонна «Айылҕа- киһи аймах көмүс биһигэ » бэсиэдэ буолла. Салгыы өр сылларга айылҕа харыстабылыгар үлэлээбит, «Амма олоҕо» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнэ, К. Туйаарыскай аатынан «Иэйии илгэтэ» айар түмсүү чилиэнэ, икки кинигэ ааптара Яковлев Спирдон Васильевич олоҕун уонна айар үлэтин сырдатылынна, ону таһынан «Айылҕа муннугун» билиһиннэрдибит. «Айылҕа бэлэҕэ, илии иминэн» өй оонньуута уонна бүтэһигэр «Төрөөбүт айылҕаҕын төһө билэҕин?» биктэриинэ ыытылынна. Оҕолор билбэтэхтэрин билэн-көрөн, оонньоон, сэҥээрэн, сэргэхсийэн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар. Махтал, баһыыба тылларын тиэртилэр. Оҕолору иитээччилэрэ Айыына Федосеевна Тритонова иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта.

“Үлэ дьонугар уруй” диэн ааттаах өйдөбүнньүк бэлиэ-сквер Сулҕаччыга аһылынна

Бэс ыйын 26 күнүгэр Сулҕаччыга Тураайы алааһыгар дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Бу ытык сиргэ 1924 сыллаахх республикаҕа Саха сиригэр бастакы “Тэҥнэбил” тыа хаһаайыстыбата тэриллибитэ.

Биһиги нэһилиэкпит, улууспут, Сахабыт сирин историятын  биир чаҕылхай кэрдииһин, ол эбэтэр тыа хаһаайыстыбатын артыалын тэриллибитэ 100 сылын  бэлиэтээн, “Үлэ дьонугар уруй” диэн ааттаах өйдөбүнньүк бэлиэ-сквер аһыллыыта үрдүк көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста. “Тэҥнэбил” артыал историятыттан кылгастык билиһиннэрдэххэ: 1924 сыллаахха гражданскай сэрии геройдара Константинов Иван Иванович –Дэлэгээт Уйбаан, Михайлов Иннокентий Поисеевич-Харачаас уонна Кутургуин Софрон Евграфьевич тыыннаах ордубут “Сырдык” коммуна чилиэннэрин тардан, саас 7 киһилээх тэрийэр бөлөҕү, онтон сайын бэс ыйын бүтүүтэ 13 хаһаайыстыбалаах “Тэҥнэбил” диэн ааттаах тыа хаһаайыстыбатын артыалын тэрийбиттэрэ. Бу артыал бастакы чилиэннэринэн буолбуттара:

Константинов Иван Иванович – председатель, Михайлов Иннокентий Поисеевич,  Кутургуин Софрон Евграфьевич,  Фомин Матвей Дмитриевич – сэкэрэтээр, Капитонов Пуд Степанович, Семенов Мирон Михайлович, Степанов Пимен Максимович,  Степанов Афанасий Максимович, Павлов Алексей Артамонович, Ядрихинскай Иннокентий Романович,  Неустроев Никита Николаевич, Иванов Афанасий Прокопьевич, Николаев Митрофан Леонтьевич.

Кэлин 1926 сыллаахха Неустроев Семен Степанович, Куличкин Еремей Григорьевич, Старостин Прокопий Иванович киирбиттэрэ. Утуу-субуу артыалга Спиридон Капитонов, Константин Неустроев, Максим Степанов, Елисей Иванов уо.д.а. холбоспуттара.

Тэриллибит бастакы сылларыттан артыал Дьокуускайдааҕы “Тэрилтэ” союзка уонна “Салҕабыл” обществоҕа чилиэнинэн киирбитэ уонна республикаҕа ыытыллыбыт кэлимсэ холбоһуктааһыҥҥа уопсай үлэлээһин таһаарыылаах чаҕылхай холобурун көрдөрбүттэрэ.

Бу сылларга нэһилиэк социальнай-культурнай олоҕу эмиэ күүскэ сайдыбыта. Ол курдук, 1926 сыллаахха Амма Солобуодатыттан Сулҕаччыга диэри телефон линията тардыллар, онон нэһилиэк Солобуоданы, Абаҕаны кытта сибээстэһэр кыахтанар.

1927 сыллаахха Сулҕаччы оскуолатын салҕааһына тутуллубута, 1917 сылтан саҕаламмыт балыыһа тутуута бүппүтэ. Оскуола салҕааһына да, балыыһа да оччотооҕуга улахан тутуулар этилэр.  “Тэҥнэбил” артыал дохуота сылтан-сыл үрдээн испитэ: 1931 сыллаахха валовой дохуот 27,030 солк. буолбута (1 күҥҥэ 23 харчы), 1932 сылга – 67,786 солк. (биир күҥҥэ 1 солк.48 харчы), 1933 сылга – 88,342 солк. (биир күҥҥэ 1 солк.77харчы).

“Тэҥнэбил” тыа хаһаайыстыбатын артыала тэриллибитэ 10 сыла туолар үөрүүлээх  ыһыаҕа 1934 сыллаахха сайын Тураайы алааска ыытыллыбыт. Бу улахан тэрээһиннээх ыһыахха хаһан да мустубатах үгүс киһи аттаах уонна сатыы хотоҕос курдук субуспут. Артыал күүһүн-кыаҕын көрдөрөр араас техникалары: от охсор, мунньар, бурдук ыһар массыыналары аҕалан барытын көрдөрүүгэ туруорбуттара. Ыһыах дьоно олору тула хаама сылдьан олус диэн сөҕө-махтайа, хайгыы көрбүттэрэ. Үөрүүлээх дакылаакка артыал чилиэннэрэ 10 сыл устата 150 сүөһү киирэр хотону, 80 төбө киирэр ньирэй хотонун, үрэххэ уонна Тураайыга сайылыктары, Түүйэ үрэххэ типовой муостаны туппуттара, 80 гектар сири оҥорбуттара бэлиэтэммитэ. Бу үөрүүлээх түгэнинэн сибээстээн, кырдьаҕас коммунардар: Пуд Степанович Капитонов, Иван Иванович Константинов, Афанасий Максимович Степанов, Алексей Артамонович Павлов уонна призводство ударниктара: Прокопий Федотович Иванов, Матрена Прокопьевна Михайлова, Степанида Дьячковская, Февронья Рязанская, Никифор Феофанов, Семен Николаев оройуон  Кыһыл дуоскатыгар тахсыбыттара.

100 сыл буолан баран 2024 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр маҥннайгы артыал тэриллибит “Тураайы” алааһыгар үлэ скверэ бэлиэ туттулар.

Өйдөбүнньүк тутуу – үлэ скверин проегын автордара Саргылана Николаевна, Николай Николаевич Рязанскайдар.

Үбүлээтилэр: Амма улууһун, Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ ветерана Роман Евстафьевич Кириллин сиэнэ Алексеев Николай Николаевич уонна Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Артем Германович Степанов).

Оҥордулар : Николай Николаевич Протодьяконов, Николай Миронович Неустроев, сварочнай үлэни толордо :  Валерий Егорович  Ефремов

Бу үөрүүлээх күҥҥэ элбэх киһи, олохтоохтору сэргэ араас сиртэн ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ыллылар. Ол курдук аһыллыы алгыһын ыытта СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Алексей Ильич Никифоров. Артыал бастакы чилиэннэрин, 13 киһи аата суруллубут бэлиэни астылар: Артем Германович Степанов — Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыга. Мирон Никитич Неустроев — Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, бастакы артыал чилиэнэ Н.Н. Неустроев төрөппүт уола, Д.Ф. Наумовы-Миитэрэй Наумов – саха народнай суруйааччытын, бастакы колкуостаахтар сиэннэрэ, Рена Нотаровна Егорова – артыал тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, бэрэссэдээтэл, гражданскай сэрии геройа И.И. Константинов-Дэлэгээт Уйбаан сиэнэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын учуутала, Петров Дьулусхан Васильевич —  Гражданскай сэрии геройа, сахалартан бастакынан Кыһыл Знамя орденынынан наҕараадаламмыт И.П. Михайлов – Харачаас хос-хос сиэнэ, Нам улууһа. Константин Матвеевич Фомин – артыал бастакы чилиэнэ. секретара М.Д. Фомин сиэнэ, РФ уонна СР үтүөлээх фермерэ. СР тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Дария Стиновна Капитонова – СР үтүөлэхх фермера, артыал бастакы чилиэнэ П. Капитонов сиэнэ

Сквери үөрүүлээхтик аһыыга тыл эттилэр — Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыга Артем Германович Степанов, саха народнай суруйааччыта,СР  норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Үөһээ-Бүлүү, Томпо улуустарын, Сулҕаччы, Соморсун нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Федосеевич Наумов-Миитэрэй Наумов, Александр Константинович Фомин – улуус мунньаҕын депутата, СР тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, артыал бастакы чилиэнэ,  секретара М.Д. Фомин хос сиэнэ.

 Мустубут ыалдьыттартан харда тылы этэн санааларын үллэһиннилэр:Мирон Никитич Неустроев — Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, бастакы артыал чилиэнэ Н.Н. Неустроев төрөппүт уола,  Петрова Людмила Васильевна – СР үөрэҕэриитин туйгуна, СР культуратын туйгуна, Нам улууһун культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Хатын Арыы нэһилиэгин ытык киһитэ, Илья Винокуров аатынан музей выстовачнай саалатын сэбиэдиссэйэ, Гражданскай сэрии геройа, сахалартан бастакынан Кыһыл Знамя орденынынан наҕараадаламмыт И.П. Михайлов – Харачаас сиэнэ,  Рена Нотаровна Егорова – гражданскай сэрии геройа И.И. Константинов-Дэлэгээт Уйбаан сиэнэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Таатта, Тыараһа орто оскуолатын учуутала, Ульяна Михайловна Ефимова —  Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы, Евдокия Егоровна Окорокова –Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин түмэлин салайааччыта. Тэрээһин Амма улууһун, Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи ытык киһи Петр Михайлович Павлов республикаҕа бастакынан тэриллибит “Тэҥнэбил” тыа хаһаайыстыбатын артыалын төрүттэммитэ 100 сылын хайдах бэлиэтиир туһунан бэйэтин санаатын суруйбут суругун ааҕыынан түмүктэннэ, аахта кыыһа Екатерина Петровна Михайлова, Сулҕаччы орто сокуолатын учуутала, олохтоох музей общественнай салайааччыта. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта Д.Ф. Наумов аатынан олохтоох библиотека кылаабынай библиотекара Елена Васильевна Попова.