Бу сыл тохсунньу 30 күнүгэр Саха норуодунай суруйааччыта, драматург, общественнай деятель, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, СӨ Духуобунас Академиятын академига, СӨ бастакы Президенэ М.Е. Николаев «Республика Албан аатын иһин» фонда премиятын лауреата, Амма, Хаҥалас улуустарын, Соморсун, Мээндиги, Тыыллыма, Тиит Арыы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Василий Егорович Васильев — Харысхал күн сириттэн барбыта биир сылын туолла.
Василий Егорович айар үлэтэ аартыга арыллан үлэлиэҕиттэн дириҥ хорутуулаахтык үлэлээбитэ. Саха сирин, Москва, Санкт-Петербург куораттарын, ону тэҥэ Америка, Кытай, Япония, Финляндия архыыптарыгар үлэлээн, историческай докумуоннары үөрэтэн, Сахабыт чулуу, үөрэхтээх дьонун ааттарын тилиннэрбит улахан үтүөлээх киһибит буолар. Историческай суолталаах айымньылара үйэлээҕи, кэрэни айарга тутарга үөрэппиттэрэ. «Аммаҕа саас этэ», «Эргиллиэм хайаан да», «Тыҥ хатыыта», «Көмүөл «, «Учуутал «, «Тэпсиллибит үтүө аат» драматическай айымньылара, «Тураҕааскы», «Эһэм эһэтэ», «Аҕаа» уо.д.а. кэпсээннэрэ биһирэбили, сэҥээриини ылыан ылбыттара. Василий Егорович санааны кынаттыыр, сүрү көтөҕөр алыптаах айар эйгэҕэ бэйэтин суолун ииһин хаалларбыта, саха култууратын уонна искусствотын үрдүк таһымҥа таһаарбыта, бастыҥ холобуру көрдөрбүтэ. Ытыктыыр, үрдүктүк сыаналыыр киһибит дьон сэргэ сүрэҕэр умнуллуо суоҕа.