Site Loader

Саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист

Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ

олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ

Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алпаабытын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, олунньу 13 күнэ, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаһал Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута.

Бу күн Өрөспүүбүлүкэбит бибилэтиэкэлэрэ «Сахалыы дьыктаан» аахсыйаҕа кыттыһаллар. 2014  сылтан ыытыллар үгэскэ кубулуйбут аахсыйаны  СӨ  Национальнай бибилэтиэкэтэ, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет тэрийэн ыытар. Быйыл аахсыйа олунньу 12 күнүгэр ыытыллынна.

Сыала-соруга: Саха тыла киэҥ эйгэҕэ – билимҥэ, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, дьыала-куолу тылыгар, үлэ араас салааларыгар, тэрилтэлэргэ туттуллар, сайдыбыт истииллэрдээх, олоҕурбут нуормалаах судаарыстыба тыла буолар. Таба суруйуу литэрэтиирэ, сурук-бичик тылын нуорматын биир суолталаах салаата. Бу тэрээһин оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах ыытыллар.

Амматааҕы кииннэммит ситимин бибилэтиэкэлэрэ аахсыйаҕа кыттыһан Амма улууһун үрдүнэн  14 былаһаакканан үлэлээтилэр. Тэрээһин кыттааччылара Софрон Данилов «Барымаҥ даа, кубалар» романтан быһа тардыыны сыыһата суох суруйарга холоннулар. Барыта 117 киһи бэйэтин сахалыы дьыктааҥҥа тургутан көрдө. Дьыктаан тиэкиһин Амма улууһун нэһилиэктэрин бас-көс дьоно, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара аахтылар.

       Аахсыйаҕа  кыттыбыт, тэрийсибит дьоҥҥо Амма улууһун кииннэммит ситим бибилэтиэкэлэрин аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять