Кини «Аммаҕа саас этэ (1992)», «Сир ыарыыта (1997)», «Ааспыт кэм аартыктарынан (2002)», «Таптыыр, ахтар дьоннорум (2012)», «Учуутал (2013)», «Эргиллиэм хайаан да! (2017)» кинигэлэр автордара буолар. Үлэтин сүрүн темата — норуот историятын сөргүтэн, революция, гражданскай сэрии уустук, бутуурдаах кэмин, репрессияҕа түбэспит бастакы үөрэхтээх дьоммут дьылҕатын кырдьыктаахтык көрдөрүү. Норуоппут историятын бастыҥтан бастыҥ, бэлиэ дьонун умнуллубат ааттарын үйэтиппитэ.