Амматаа5ы киин библиотекаҕа, Сахабыт сиригэр Ийэ сылын чэрчитинэн «Далбар хотун чэгиэн олох туһугар» диэн саҥа проекка ыҥырабыт!
Проект программата: Сааскы чааһа «Ийэттэн саҕаланар дьиэ кэргэн чөл туруга»
1. Сөпкө аһаан испитин-үөспүтин чөлүгэр түһэрии. Ийэ оруола. Ый халандаара тыынар тыыннаахха туһата.
Семенова В. В.
2. Ханнык астары сөпкө буһаран аһаан доруобуйаны көннөрүөххэ сөбүн туһунан бэйэтин опытыттан үллэстэр Алексеева Т. С.
3. Эти — сиини массаж, тыыныы көмөтүнэн чэбдигирдии. Чирикова С. М.
Тэрээһини иилээн- саҕалаан ыыттылар: Сахаайа Чирикова — доруобуйа харыстабылыгар өр сылга улэлээбит медик. Билигин «Күөх ыллык» реабилитационнай центр массажиһа.
Варвара Семёнова — биологическай наука кандидатата, Институт биологии Ботаническай саадыгар үлэлиир. Эмтээх үүнээйилэргэ специалист уонна проект куратора.
Туйара Алексеева- аһылыгы астааһыҥҥа, рецептарга модератор.