Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар улуус кыраайы үөрэтээччилэрин научнай – практическай конференциялара муус устар 20 күнүгэр Ф.Потапов аатынан култуура киинигэр буолла. Конференция Амма улуугар судаарыстыбаннас декадатын чэрчитинэн ыытылынна. Пленарнай чаас кэнниттэн конференция 3 секциянан барда. Барыта 47 киһи кытынна, мантан улахан дьоно – 41, 6 кыттааччы 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Научно- практическай конференцияҕа Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик үлэһиттэрэ актыыбынай кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Сидорова Елизавета Владимировна пленарнай чааска “ Саха народнай поэта Новиков В.М. – Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин библиотека “Кыһыл көмүс фондата”” иһитиннэрии оҥордо, Александрова Таисия Тихоновна “Амма улууһун ытык дьоно” секцияҕа дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Бу секцияҕа 4 библиотека үлэһитэ бэйэлэрин дакылааттарынан кытыннылар : Саха народнай поэта Новиков В.М.- Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека үлэһитэ Новикова Туйара Иннокентьевна “Тыа сирэ – мин тапталым, дьылҕам” (Д.Ф.Наумов туһунан), В.И.Жожиков аатынан Оҕо библиотекатыттан Винокурова Лариса Егоровна “Многогранная жизнь Василия Ильича Жожикова”, Мээндиги модельнай библиотекатыттан Захарова Матрена Николаевна “Руководитель, патриот Амги”( Д.Н.Трифонов туһунан), Эмис библиотекатыттан Бубякина Прасковья Романовна “Чемезов Василий Назарович – народный комиссар просвещения ЯАССР 1942 – 1946 г.г. и дети сироты”. Бэрт сэргэх, солун, темаларын толору арыйан, презентационнай матырыйаалларын таба туһанан, дакылааттарын ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥорон дьүүллүүр сүбэ болҕомтотун ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Туйара Иннокентьевна дакылаатынан бочуоттаах III миэстэни ылла. Эҕэрдэлиибит !
Научнай – практическай конференцияҕа кыттыбыт коллегаларбытыгар махтанабыт, өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.