Site Loader

Саха народнай поэта,  тылбаасчыта, ССРС суруйаачыларын Союһун чилиэнэ, Үлэ Кыһыл Знамята, Бочуот Знага, Норуоттар доҕордоһуулара орденнар кавалердара, Дьокуускай куорат, Амма улууһун Бочуоттаах гражданина В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах “Күннээх поэт” улуустааҕы Фестиваль чэрчитинэн ыытыллар Күннүк Уурастыырап дьыктаана түмүктэннэ.

Ыам ыйын 18 күнүгэр, киэҥ туттар биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап сырдык аатыгар, айар үлэтигэр болҕомтону тардар, кини туһунан билиини чиҥэтэр, үрдэтэр сыаллаах Амматааҕы библиотечнай ситим методическай салаата тэрийиитинэн ыытыллыбыт “Күннүк Уурастыырап дьыктаана» аахсыйаҕа уопсайа 267 киһи көхтөөх кыттыыны ыллылар, ол иһигэр 92 оҕо, 51 эдэр ыччат, 124 улахан дьон. Дьыктааҥҥа  Амма улууһун нэһилиэктэрин таһынан Дьокуускай куораттан, Тулагыттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Уус-Алдантан кыттааччылар билиилэрин чиҥэттилэр, эбии чахчылары биллилэр. Дьыктаан кыттыылаахтара  поэт олоҕун, айар үлэтин арыйар  5 түһүмэхтээх, 25 ыйытыктан турар тургутууну толордулар.

Ол курдук, 5 – 8 кылаас оҕолорун ортолоругар кыайыылаахтар:

Ксенофонтова Нарыйаана, И.И.Константинов – Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.

Варламова Ангелина, И.И.Константинов – Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.

Максимова Амгаяна, И.И.Константинов – Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.

Софронеев Ростислав, М.Н. Сибиряков аатынан Сэргэ-Бэс орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.

Стручкова Карина, И.И.Константинов – Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.

Стручкова Рая, И.И.Константинов – Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ

Игнатьева Юлия, Чакыр орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.

Иванова Айхаана, П.И.Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын 7а кылааһын үөрэнээччитэ.

Готовцева Снежанна, Уус-Алдан улууһун Танда орто оскуолатын 5  кылааһын үөрэнээччитэ.

Никонова Нарыйа, Амматааҕы Л.В.Киренскай аатынан лицей  6б кылааһын үөрэнээччитэ.

Попова Жанна, П.И.Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.

Эдэр ыччат ортотугар кыайыылаахтар:

Анна Егоровна Никонова, Чапчылган нэһилиэгэ

Стручкова Наталья, Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ

Нестеров Борис, Соморсун орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.

Аэлита Сергеевна Константинова, Болугур нэһилиэгэ.

Давыдова Алена, Соморсун орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.

Регина Александровна Александрова, Сэргэ-Бэс нэһилиэгэ.

Улахан дьон ортотугар кыайыылаахтар:

Розалия Ивановна Никифорова, Сэргэ-Бэс нэһилиэгэ.

Матрена Александровна Никифорова, Сулҕаччы нэһилиэгэ.

Гавриил Николаевич Никифоров, Чакыр нэһилиэгэ.

Анна Анастасовна Павлова, Чакыр нэһилиэгэ.

Татьяна Павловна Попова, Соморсун нэһилиэгэ.

Милана Афанасьевна Ксенофонтова, Сулҕаччы нэһилиэгэ.

Раиса Ивановна Фомина, Сэргэ Бэс нэһилиэгэ.

Анетта Николаевна Гаврильева, Эмис нэһилиэгэ.

Елена Романовна Максимоваҕа, Соморсун нэһилиэгэ.

Елена Васильевна Попова, Сулҕаччы нэһилиэгэ.

Матрёна Анастасовна Игнатьева, Чакыр нэһилиэгэ.

Мария Эдуардовна Борохина, Сулҕаччы нэһилиэгэ.

Анастасия Николаевна Михайлова, Сэргэ-Бэс нэһилиэгэ.

Мария Лаврентьевна Емельянова, Соморсун нэһилиэгэ.

Анна Егоровна Никифорова, Болугур нэһилиэгэ.

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Бары кыттааччыларга махтал! Улуу поэппыт сырдык аата, уһулуччулаах айымньылара, суккулла кутуллар хоһоонноро, ырыалара саас-үйэ тухары умнуллубатыннар, норуот таптала көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕана турдун!

Автор поста: администратор сайта

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять