Абаҕа нэһилиэгин 250 сылыгар аналлаах «Ааспыт кэм кэрэһиттэрэ» Абаҕа нэһилиэгин аҕам саастаах дьонун ахтыылара. Абаҕа нэһилиэгин И.Я. Строд аатынан совхозка зоотехнигынан уонна сүөһү биригэдьииринэн үлэлээбит, Саха Республикатын үтүөлээх зоотехнига, Абаҕа нэһилиэгин уонна Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, өр сылларга Абаҕа нэһилиэгин баһылык солбуйааччытынан, Абаҕа нэһилиэгин кырдьаҕастар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Үлэ ветерана, тапталлаах ийэ, эйэҕэс эбээ Смитина Маргарита Егоровна «Абаҕа историятын, түҥ былыргытын», «Умнуллубат ытык — мааны дьоннорун», «Дирбиэн — дарбаан күннэри» уонна урукку хаһыылар көстүүлэрин, нэһилиэкпит Албан ааттаах үгэстээх, олоххо — дьаһахха тардыылаах, дьулуурдаах үлэһит дьоннорун туһунан ахтыыта.