Site Loader

   Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотекаҕа ХИФУ Олоҥхо НИИ –ун лингво – фольклористика научнай секторын старшай научнай салайааччыта, филологическай наука кандидата Борисов Юрий Петрович уонна бу сектор научнай үлэһитэ Божедонова Алла Евгеньевна ыалдьыттаатылар.

   Кыраайы үрэтэр салаа кылаабынай библиотекара Стручкова В. И. «Амма олоҥхоһуттара» киэн ис хоһооннох кинигэ быыстапкатын тэрийдэ, вед. библиотекарь Конникова В. Г. Амма олоҥхоһуттарыгар испииһэктэрин оҥордо, ааҕааччыны кытары үлэлиир салаа кылаабынай библиотекара Сидорова Е. В. Солобуда  кырдьаҕас олохтоохторо, эт харахтарынан олоҥхоһуттары көрбүт Иванова Р. Г., Босиков В. И, Филиппова А, В.  тиксиһиннэрэн бу дьону уһулалларыгар көмөлөстө.

   Бу күннэргэ эдэр кэскиллээх олоҥхону чинчийээччилэр, пропагандалааччылар Амма улууһугар кырдьаҕастары көрсөн кэпсэтэр, кинилэри устар сыаллаах биһиги улууспутугар экспедицияҕа сылдьаллар. Эдэр ученайдарга ситиһиини баҕарабыт.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять