Site Loader

Республикабыт 100 сылын чэрчитинэн «Айар» кинигэ кыһатыгар «Саха киэн туттар дьоно» сериянан «Алексей Михайлович Дексиляхов», киэн туттар биир дойдулаахпыт, общественно — политическай деятель туһунан кинигэ, төрөөбүт түөлбэтигэр Абаҕаҕа ыытылынна.

Сүрэхтэниини Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека кылаабынай библиотекара Евграфова Мария Аркадьевна иилээн -саҕалаан ыытта.

Тэрээһиҥҥэ ыраахтан — чугастан Дексиляхов А. М. аймахтара кэлэн кыттыыны ыллылар, кинигэни редакциялаабыт профессор, филологическай наука доктора, СР үтүөлээх деятелэ, Ойуунускай П. А. аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата В.В.Илларионов, кинигэни хомуйан, оҥорон таһаарбыт ыччаттара Мартынова Г. К., Афанасьева А. А. кыттыыны ыллылар.

Тэрээһиҥҥэ Амма улууһун муниципальнай тэриллии баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Кузьмин С. Н., Абаҕа нэһилиэгин муниципальнай тэриллии баһылыга Тимофеев М. И. кыттан, санааларын этэн, эҕэрдэлээн бардылар

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять