Site Loader

      Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик фондатыгар биллиилээх композитор Е. И. Неустроев-Тулуйхан ”Музыка дор5ооно” (2010) диэн поэтесса Алтаана Артемьева хоһоонноругар айбыт ырыанньыгын уонна саҥа тахсыбыт “Тапталлаах мин Аммам” (2020) диэн араас сылларга олохтоох ааптардар хоһоонноругар, төрөөбүт Амматыгар анаабыт — ырыаларын ноталаах хомуурунньукктарын уонна диискэтин айар куттаах дьиэ кэргэн ис сурэхтэриттэн бары библиотекаларга тиийэр ахсаанынан бэлэхтээн үөртүлэр.
     “Бочуот Знага” орден кавалера, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, ССРС бочуоттаах донора, Амма улууһун уонна Сул5аччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, 1942-1945 сс. Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, олоҕун бүтүннүүтүн доруобуйа харыстабылыгар анаабыт Егор Иннокентьевич Ефимов туһунан “Егор Иннокентьевич Ефимов : дьон доруобуйатын туһугар анаммыт олох “ (2021) диэн бэртээхэй кинигэ “Саха сирин үтүөкэн дьоно” серия5а бэчээттэнэн таҕыста. Бу кинигэни хомуйан оҥордулар Сулҕаччы нэһилиэгин библиотекатын салайааччыта Елена Васильевна Попова , сурууналыыс Татьяна Петровна Павлова. Бу кинигэни 20 экз. библиотека5а бэлэхтээтилэр.
     Төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээхтик айа-тута сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар улахан Махталбытын тириэрдэбит!

Previous
Next

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять