«Идэһэ — 2026» 15.11.2026 0 Автор администратор сайта Сэтинньи 14 күнүгэр Амма нэһилиэгэр үбүлүөйнэй, 30-ус төгүлүн «Идэһэ» тэрээһинэ буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ Амматааҕы киин библиотека «Тыа хаһаайыстыбатын бигэ туруга — олохпут байылыат уйгута» — диэн тематическай кинигэ выставкатынан кытынна. «Идэһэ» бырааһынньыгын саҕалаабыт Наумов Д.Ф., тыа хаһаайыстыбатыгар эдэр сааһыттан үлэлээбит, «Саха ынаҕа» тэрилтэ салайааччыта Артемьев А.Е., Амма СХПКтын өр сылларга салайбыт Емельянов И.Н. уонна билигин сылгы иитиитинэн дьарыктанар Баишев А. А. үлэлэрин сырдатар кинигэлэр, ыстатыйалар, хаартыскалар турдулар. Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит үгүс киһи көрдө- иһиттэ. Биһиги биир дойдулаахпыт, аммалар ытыктыыр киһибит, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1995 — 2000 сс. Амма улууһун баһылыга, норуодунай суруйааччы Наумов Д. Ф. уонна СР культуратын туйгуна, иллюзионист Алексей Гольдеров ыалдьыттаатылар, дьону кытары сэһэргэстилэр, хаартыскаҕа түстүлэр. Бу бэлиэ күн Амма улууһун дьоно кыһыҥҥы хаһаастарын ылынан уонна кэрэҕэ кыттыһан, үөрэн — көтөн тарҕастылар. Связанные