Бүгүн Валерий Власьевич Ноев, саха аатырбыт айылҕаттан айдарыылаах хампаһыытар төрөөбүт күнэ
Олоҕун олуктара
Кини 1939 сыллаахха сэтинньи 20 күнүгэр Амма улууһун Алтан нэһилиэгэр Туойдаах алааһыгар төрөөбүтэ.
Айар үлэтэ
Улан Удэ куорат Илиҥ Сибиирдээҕи култуура институтугар 1961 сыллааха киирбитэ.
Бастакы ырыатын Бүөтүр Тобуруокап «Көрүмэ, доҕоруом, көрүмэ» хоһоонугар 1961 сыллаахха суруйбут. Үс баянынан доҕуһуоллаах театрализованнай кэнсиэри туруорбута, 4 сюитаны, баяҥҥа аналлаах 12 айымньыны суруйбута.
«Мелодия» фирмаҕа 4 пластинката тахсыбыта. Валерий Ноев билигин 50 тахса ырыата биллэр. Дьон-норуот уоһуттан түспэт хоһоонноро-матыыптара Саха омук баарын тухары ылланыа турдаҕа. Холобур: «Кыракый кыысчаным», «Кыракый уолчааным» (И. Сысолятин), «Күөрэгэй» (М.Куличкина), «Мин дууһам ыллыыр», «Току-току, ньээ-ньээм», «Кыыс Амма» (В.Ноев), «Хатыҥчааным барахсан» (В. Ноев), «Сардааналыын корсуhуу» (И.Гоголев) уо.д.а.
Аатын үйэтитии
- Төрөөбүт дойдутугар Амма улууһун Алтан нэһилиэгин култуура киинэ кини айбыт ырыатын аатынан «Иэйии» В. Ноев аатын сүгэр. Эр дьон вокальнай ансаамбыл «Иэйии» баар.
- Бэдьимэ нэһилиэгин Алтаҥҥ сынньанар киинэ В. В. Ноев аатын 1999 сыллаахтан сүгэр.