“Чолбон. Өй күрэһэ. IV улахан оонньуу” Амма улууһугар

“Чолбон. Өй күрэһэ. IV улахан оонньуу” Амма улууһугар

1926 сылтан тахсар уус-уран литература уонна общество – политика сурунаала “Чолбон” 100 сылынан сурунаал эрэдээксийэтэ партнердарын кытары 3 түһүмэхтээх «Чолбон. Өй күрэһэ. IV улахан оонньуу» бастакы түһүмэҕин Амма улууһугар сэтинньи 23-24 күннэригэр ыытта. Күрэс сыалынан – соругунан буолла дьону- сэргэни уус-уран литератураны ааҕыыга көҕүлээһин, сахалыы ааҕар, литератураны таптыыр дьону түмүү,иитии, өйөбүл.

Улууска күрэһи Амматааҕы библиотечнай тиһик библиотекалара тэрийдилэр. Күрэс онлайн ыытылынна, барыта 11 хамаанда кыттыыны ылла. Күрэскэ Амма улууһун нэһилиэктэрин, тэрилтэлэрин, түмсүүлэрин 3 киһилээх хамаандалара оонньоотулар, ол курдук, Соморсун “Сиккиэр”, Болугур “Аммосовтар”, Сатаҕай, Сэргэ- Бэс, 2 Чакыр библиотекаларын хамаандалара, Бөтүҥ “Дьулуур”, Покровка “Кыыс Амма”, Өнньүөс “Аартык”, Киин библиотека “АДНТ”, “Оҕо саас сирдьиттэрэ”, “Айар абылаҥ” хамаандалара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Хамаандалар кыттыыларын иһин “Чолбон” сурунаалга 2027 сыл бастакы аҥаарыгар суруттулар. Бастакы түһүмэх 4 оонньууттан турда: “ Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо, айар, чинчийэр үлэтэ”, “Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романа”, “Саха искусствота”, “Билиҥҥи кэм литературата”. Күрэс түмүгүнэн Өнньүөс “Аартык” хамаандата 36 очкону ылан I миэстэ, 35 очколаах Болугур “Аммосовтар” хамаандалара II миэстэ, Бөтүҥ “Дьулуур” хамаандата 34 очкону ылан III миэстэ буоллулар.

«Чолбон. Өй күрэһэ. IV улахан оонньуу» балаһыанньатынан бастакы түһүмэххэ кыайбыт хамаанда улуус аатыттан иккис түһүмэххэ кыттар быраабы ылар. Иккис түһүмэх түмүгүнэн кыайбыт 4 бастыҥ иһигэр киирбит хамаанда үһүс түһүмэххэ тахсар. Үһүс түһүмэххэ тахсыбыт хамаандалар оонньуулара Саха НКИК быһа эфиригэр барыаҕа. Муҥутуур кыайыылаах хамаанда Ю.А. Гагарин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин типографиятыттан 100000 солк. суумалаах туоһу суругунан наҕараадаланар.

Иккис түһүмэх ахсынньы 3 күнүгэр ыытыллар. Бу түһүмэххэ Амма улууһун аатыттан бастакы түһүмэххэ кыайыылаах Өнньүөс “Аартык” хамаандата кыттыыны ылар чиэскэ тигистэ. Кинилэргэ ситиһиилээх оонньууну баҕарабыт.

“Чолбон. Өй күрэһэ “ оонньууга кыттыбыт бары хамаандаларга махталбытын биллэрэбит.

Таисия Александрова – Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека методиһа