Site Loader

Абаҕатааҕы К. Туйаарыскай аатынан олохтоох бибилэтиэкэ оскуоланы кытта үөрэнээччилэри патриотическай тыыҥҥа иитиигэ көхтөөхтүк кыттар.

“Биһиги нэһилиэкпит олохтоох агро хайысхалаах оскуолатыгар оҕолорго байыаннай хомуур үөрэҕэ буолан ааста. Бу үөрэх дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан Максим Юрьевич Белолюбскай ананан кэлиэҕиттэн сыллата буолар. Манна 7 – тэн 11 кылааска диэри үөрэнэр уолаттар сылдьаллар. Тэрээһин күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу тэрээһин уол оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, барыга бары бэлэм буола үөрэнэригэр олус туһалаах, наадалаах дьыала. Билиҥҥи уустук кэмҥэ, уолаттар барытыгар сыстаҕас бэлэм буола улааталлара олус наада. Онон байыаннай хомуур ыытыллара көмөлөөх эрэ буолара саарбаҕа суох. Биһиги, олохтоох библиотека кыттыһан патриотическай чаас ыытабыт.

Ол курдук «Патриот диэн кимий?» бэсиэдэ, «Хаһан?,» «Хайдах?», «Ханна? викторина, «Арассыыйа уонна Саха сирэ» видеоролик көрүүтэ, ону таһынан сахалыы «За нами будущее» диэн документальнай киинэ көрүүтэ буолла. Оҕолор викторинаҕа көхтөөхтүк кыттан билбэттэрин билэн, киинэни көрөн сүргэлэрэ көтөҕүллэн астыннылар. Максим Юрьевич кэнчээри ыччаттарбытыгар, уол оҕону иитиигэ ылсан үлэлии сылдьара олус махталлаах үтүө дьыала буолар”, — диэн бибилэтиэкэр Клара Карманова сырдатта.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять