Site Loader

Олортон биир улахан тэрээһининэн 10-с сылын ыытыллар “Егоровскай ааҕыылар — 2022” буолар. Быйылгы Ааҕыылар икки хайысханан бардылар. Ол курдук, бастакы хайысха — көрбөт поэт, тифлопедагог, сахалыы Брайль алфавитын автора И.Н. Егоров – Горнай хоһооннорун коллективынан литературнай монтаж быһыытынан ааҕыыга ананна. Манна үс тема бэриллибитэ: “Айылҕа оҕолоро”, “Саха омук буоларбынан” уонна “Ийэ тыл илгэлээх сүмэтэ”. Уонна иккис хайысха – поэкка анабыл хоһоону айыы.

Ааҕыыларга республика араас муннуктарыттан 14 улуустан уонна Дьокуускай куораттан барыта 55 үлэ киирбит. Манна бастакы хайысхаҕа Мээндиги библиотеката бэлэмнээбит кыттааччылара Октябрина Жиркова, Андрей Никитин, Розалия Леонтьева Иван Горнай айылҕаны дьүһүйбүт хоһооннорун ааҕан III степеннээх дипломунан бэлиэтэннилэр.

Онтон иккис хайысхаҕа поэкка анабыл хоһооннорго Амматтан ВОС ветерана,Бочуоттаах чилиэнэ Евдокия Тимофеева “Сүрэх сыыспат эбит” авторскай хоһоонунан кыттан кыайыылааҕынан таҕыста.

Республикатааҕы “Егоровскай Ааҕыылар” кыайыылаахтарын өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт этэҥҥэ буолууну, инникитин да ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны!

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять