Site Loader

     Ахсынньы 5 күнүгэр улуустааҕы киин библиотекаҕа олоҥхо декадатын чэрчитинэн төгүрүк остуолга «Саха маҥнайгы көлүөнэ аатырбыт олоҥхоһута» Соморсунтан төрүттээх биир дойдулаахпыт Гермогенов Матвей Игнатьевич туһунан хомуурунньук автора Михаил Васильевич Алексеев кэлэн ыалдьыттаата. Кини краевед,энтузиаст буоларын быһыытынан олоҥхоҕо дириҥ көрүүлээҕин, сахалар төрүттэрин уустарын туһунан историяны чинчийэр баай архыыб материаллаах, үгүс интириэһинэй чахчылары, урут бэчээккэ тахсыбатах сэдэх суруйуулары кытта билиһиннэрдэ, кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ. Олоҥхоһут Ырыа Маппыан туһунан сорох дьон билбэт истибэтэх да буолуохпутун сөп. Саҥа хомуурунньукка Михаил Васильевич бэркэ диэн сырдаппыт, дьонугар сэргэтигэр кини туһунан сиһилии арыйбыта хайҕаллаах дьыала. Маны таһынан Аммабыт олоҥхоһуттарын туһунан матырыйааллары түмэн хаһан, ханна төрөөбүттэрин, ханнык олоҥхолоохторуныйан туран анал пааспар оҥоруохха наада диэн санаатын үллэһиннэ. Пааспары сорох олоҥхоһуттарга хайдах оҥорбутун көрдөрдө. 2024 сылга Аммаҕа олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн бэлэмнэнэн элбэх үлэ күүтэрин бэлиэтээн эттэ. Көрсүһүү олус истиҥник биир тыынынан ааста. Маннык дириҥ билиилээх, кэскиллээх көрүүлээх краевед киһибитигэр бары махтанныбыт.

Вероника Стручкова-кыраайы үөрэтэр салаа сүрүн библиотекара

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять