Site Loader

Бүгүн олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах сахалыы дьыктаан Амматааҕы В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотекаҕа буолла. Бу тэрээһин 2014 сылтан ыытыллан үтүө үгэскэ кубулуйда. Саха тыла судаарыстыба бары наадыйыытын толорор, киэҥ эйгэҕэ – наукаҕа, култуураҕа, уөрэхтээһиҥҥэ, дьыала-куолу тылыгар, үлэ араас салаатыгар, тэрилтэлэргэ — туттуллар имигэс-хомугас, сайдыбыт истииллэрдээх, олоҕурбут нуормалаах. Таба суруйуу — литература, сурук-бичик тылын нуорматын сүрүн, тутаах салаата. Бу тэрээһин оҕотуттан улахан дьоҥҥо тиийэ таба суруйар дьон ахсаана элбиирин көҕүтэр уонна төрөөбүт төрүт тыл проблемаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах тэриллэр.

Тэрээһини алгыһынан арчылаан арыйда культура управлениятын норуот айымньытын фольклорга специалиһа Василий Васильевич Кочаткин.
Иилээн саҕалаан ыытта Ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйэ Новикова Туйара Иннокентьевна
Дьыктаан тиэкиһин аахта Амма улууһун Аҕа баһылыга Н. А. Архипов. Бэрэбиэркэ үлэтин ыытта Амматааҕы Л. В. Киренскай аатынан саха тылын уонна литературатын учуутала, Саха Республикатын үөрэҕэриитин үтүөлээх учуутала Ноговицына Мария Дмитриевна.

Дьыктааны 11 киһи суруйда. Кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.
«Бастыҥтан бастыҥ суруксут» аат иҥэрилиннэ Стрекаловскай Василий Васильевичка Амма улууһун полициятын начальнигар
«Бастыҥ суруксут» аат иҥэрилиннэ Захарова Мария Павловнаҕа Амматааҕы Л. В. Киренскай аатынан лицей математика учууталыгар
«Үчүгэй суруксут» аат иҥэрилиннэ Карманова Майя Капитоновнаҕа Амматааҕы Л. В. Киренскай аатынан лицей директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар.

Автор поста: администратор сайта

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять