Site Loader

            Ахсынньы аам-даам тымныыта Эҥсиэли Эбэ хочотун ыыс быдаан туманынан бүүс-бүтүн бүрүйэн кэбиспит. Кыһыҥҥы ойуур халыҥ хаарынан үллүктэнэн унньуктаах  уһун уутугар утуйбуттуу иһийэн турар. Күнү күннүктээн бэрт сэмэйдик  мэник тыал кырпай маҥан хаары мастар лабааларыттан ыһыахтана оонньуур, сир-дойду ньуурун көмүс мөһүүрэнэн долгуннура уһуннарар.  Ханна эрэ ыраах тоҥ мас тоһутталанар тыаһа, суор хатаннык халаахтыыра  бу чуҥкук, курус чуумпуну үрэйэргэ дылы.
            Арай бу маннык тымныыга Аччыгый Арыы арыыга, Балаҕаннаахха, бэрт эрдэ, сарсыарда боруҥуйга улахан сүпсүлгэн буолла. Киирик диэн бэрт дьадаҥы киһи кэргэнэ Настаа барахсан оҕолонор таарымтата киирэн, дьиэлээхтэри барыларын уолутта. Талыыта да сытыы, омуннаах буолла.  Наара оронноругар атахтаһа утуйа сытар, ууларыгар аҥаарыйа сылдьар түөрт эмдэй-сэмдэй оҕолору биир-биир быыс кэннигэр симтилэр. Икки дьахтар баара сиирэ-халты уу-хаар бэлэмнээн аампылыктанан, буор муостаҕа хаппыт оту тэлгэтээттэрин кытта, Настаа сытаат да, көрүөх бэтэрээ өттүгэр төрүү оҕуста. Кыра киһи тута хатаннык ытаан бэбээрдэ, киинин быһан ийэтин түөһүгэр сыһыарааттарын кытта иҥсэлээхтик эмэн чомургатан барда.
            -Омуннаах уол буолсу, сытыы киһи кэлбит, -дии-дии аҕата Киирик уоскуйан, көмүлүөк иннигэр олорон эрэ уотун күөдьүтэн мас быраҕан биэрдэ. Онтон аа-дьуо  хамсатын үрдүгэр түстэ.
            -Оннук, оҕом бэйэтин иннин көрүнэр киһи бэрдэ буолуоҕа, -диэн баран Настаа быыкаа киһини сүүһүттэн сыллаан ылла.
 
***
            Кыра киһини сотору таҥара дьиэтигэр илдьэн Махсыым диэн сүрэхтээтилэр. Аҕата Киирик атаҕын ыалдьара бэргээн тыаҕа оттук да маһын кыайан тиэммэт буолла. Сүөһү көрүүтэ улаханнык атахтанна. Балыктыыр букатын да уурайда. Аны кэргэнэ Настаа  ыарытыйан хас да хонук суорҕаннаах тэллэххэ сытта. Аһыыр ас баранан, кураанах хамыйаҕынан оонньоон, оҕолор эрэйдээхтэр аччыктаан, ытаһан энэйиллэрэ элбээтэ. Кыра Махсыым ийэтин кураанах эмиийин сэниэтэ эстиэр диэри соппойон, биир кэм утуйа, ытыы мээрик буолла.
            Бу маннык ытаһа-соҥоһо олордохторуна, кинилэр дьоллоругар, абаҕалара Миитэрэй эт, арыы, балык, бурдук аҕалан абыраата. Быраата аах быстарбыттарын дьонтон истибит эбит. Киэһэ чэйдии олорон арай эмискэ:
            -Дьэ Киирик, бачча элбэх оҕону иитэр-аһатар сыанан аҕаабат буоллаҕа. Кыра уолу улаханнык иэдэппиккит. Сатаан киһи гыныа суоххут. Уолгутун миэхэ ииттэрэ биэриҥ. Ол оннугар мин эһиэхэ аһынан-үөлүнэн көмөлөһүөм,-диэн соруктаах аҕайдык биир тыынынан кутан кэбистэ.
            Манныгы истэн Киириктээх Настаа чочумча бэйэ-бэйэлэрин утарыта көрсөн саҥата суох олордулар. Онтон  Настаа хараҕа уулана-уулана:
            -Оҕобун ыалга биэрэр туһунан толкуй букатын суох. Эчи, кырата да бэрт, -диэн баран ааттаспыттыы кэргэнин диэки көрдө.
            -Оҕобутун төһө да сүрэхтээх быарбытыттан араарар уустугун иһин, Миитэрэйдээххэ бардаҕына, өрүттэн киһи-хара буолуо буолуоҕа. Маннык олордохпутуна устунан  оҕолорбутун хоргутан да өлөрөр инибит. Бу диэн уонна эттэххэ, абаҕабыт туора киһи буоллаҕай? Мин бу атахпынан моһуогуран түөрт эркини мыҥаан олордоҕум. Бачча элбэх айах адаҕатын хайдах да гынан бэйэм иитэр кыаҕым суох. Онон уолу биэрэр ордукка дылы,-диэн Киирик дьиэлээх хаһаайынын биллэрэн дорҕоонноох соҕустук эттэ.
            -Оннук-оннук. Уолгут кэлэ-бара сылдьыа буоллаҕа. Төрөппүт ийэлээх аҕатыттан, бииргэ төрөөбүттэриттэн араарар санаам букатын суох, -диэн сөбүлэҥин ылбычча, Миитэрэй эгди буола түстэ. Настаа барахсан иһигэр төһө да ытырыктаттар, саҥата суох сөбүлэһэригэр тиийдэ.
            Маннык син судургутук быһаарсан, сарсыарда эрдэ, утуйан буккуруйа сытар быыкаа Махсыымы куобах тириитигэр суулаатылар уонна туос тымтайга уктулар. Үрдүнэн таба тириитинэн эбии ыга кэлгийдилэр.

Сиһилии бу ссылканан ааҕын 

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять