Олунньу 1 күнүгэр, А.А. Черемных аатынан о5о искусствотын дьиэтигэр биир дойдулаахпыт Саха норуодунай суруйааччыта, драматург, прозаик, чинчийээччи, общественнай деятель, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунас академиятын академига, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президена М.Е.Николаев “Республика албан аатын иһин” фонда премиятын лауреата, Василий Егорович Васильев – Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэ тула истиҥ кэпсэтии дьоро күнэ буолан ааста. Бу күн Харысхал Дьокуускайтан Амматтан до5отторо, үөлээннэхтэрэ, Улууспут уонна нэһилиэктэр салайааччылара, краеведтар, кини улэтин сэҥээрээччилэр, библиотека аа5ааччылара, оскуола о5олоро кэлэн төгүрүк остуолга кытыннылар.
Василий Егорович 1993 сылтан са5алаан Саха сириттэн төрүттээх эмиграннар омук дойдуларыгар эрэй — муҥ олохторун чинчийэн, кинилэр үтүө ааттарын тилиннэрэн дьонноругар — сэргэлэригэр тириэрдээри этиллибэтэх кырдьыктар тустарынан кэпсээри элбэх чинчийэр үлэлэри ыытан Финляндия, Кытай, Япония, Австралия, Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар уонна да атын дойдуларга, куораттарга, музейдарыгар архыыптарыгар сылдьан докумуоннарын хасыһан, элбэх сыралаах үлэни ыыппыта. Тус бэйэтин дьыалатын курдук норуотун өйүн — санаатын байытар, кэҥэтэр туһугар, сыратын биэрэн туран үлэлэспитэ бу кинигэтигэр сурулла сылдьар.
Кэлбит дьон бары санаалрын эттилэр, Василий Егорович туһунан иһирэхтик санаан – ахтан аастылар. Василий Егорович саха норуотугар хаалларбыт бэлиэ суолун- ииһин, кэм- кэрдии аастаҕын аайы өссө үрдүктүк сыаналыахпыт, саҕалаабыт үлэтэ салҕана туруохтун, дьоно –сэргэтэ үтүө аатын үйэтитэ туруоҕа.