Сталинград! Сталинградтааҕы кыргыһыы: 1942 сыл отыйын 17 күнүттэн саҕаламмыта. Итиэннэ 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр Кыһыл Армия Сталинградскай (билиҥҥитэ Волгоградскай) уобалас сирин – уотун өстөөхтөн босхолообута. Маана уолан эр бэрдэ уйана – хатана биллэр утарсыһыылаах сэриитэ буолбута. Хас биирдии дьиэ эркинин эргийэ көтө сылдьан, тыын – тыыҥҥа харбаһан өстөөхтүүн киирсибиттэрэ. Сталинград куорат оборонатыгар уонна кимэн киириитигэр Амматан уонунан ааҕыллар байыастарбыт кыттыбыттара, сорохтор тыыннарын толук уурбуттара. Кыттыбыттара: Дьячковский Павел Ильич (2 Чакыр), Новопашин Емельян Антонович (Майскай).
Климонтов Николай Александрович (1912), призван Чурапчинским РВК в 1941 г., 41 Гв. СД 126 Гв., полевая почта 2144, погиб — 1942 г., Сталинградская область район Кузьмичи.
Мухаметов Зинат Нуреевич (1918), призван Чурапчинским РВК 03.03.1942 г., погиб — 02.10.1942 г., похоронен на кладбище с. Садки Дубовский район, Сталинградская область.
Васильев Александр Максимович — 1916 с., Амма‑Наахара, Пушкин аатынан холкуос. Чур ОБК 1942 с. ыҥырыллыбыт. Сталинградскай уобалас (билиҥҥитэ Волгоградскай — Д. Г.) Купороснай дэриэбинэтэ. 1942 с. сэтинньи 3 күнэ. 4 туспа стрелковай батальон 96 туспа стрелковай биригээдэ. Полевой почтата 2279. Кэргэнэ Анна Прокопьевна.
Онуфриев Гаврил Петрович — 1909—30.09.1942 сс. РПС эргиэнин сэбиэдиссэйэ. Чурапчытааҕы ОБК 15.06.1942 с. Гвардеец, 41 Гв. СД. Волгоградскай (Сталинградскай) уобалас Городищенскай оройуон Сталинград аннынааҕы Кузьмичи сэлиэнньэтин кыргыґыытыгар өлбүт.
1942 с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүс‑ күүр Улуу сэриигэ ыҥырыллан барбыта.
1943 сыл тохсунньу 20 күнүгэр, Сталинградскай уобалас Орто Ахтубинскай оройуонун Куйбышев В. В. аатынан холкуос сиригэр баар 80‑с байыаннай госпитальга өлбүтэ.
Давыдов Дмитрий Иванович (1904—1941)
Исаков Андрей Иванович (1919—1942) Чурапчытааҕы ОБК. ОМСБ‑582. 1942 с. Бекетовка Волгоградскай уобаласка өлбүт.
Дьячковский Иосиф Николаевич (1917—1942) Призван Чурапчинским РВК 15.06.1942 г., Абагинский наслег, гвардеец 41 гв. СД 124 гв. СП. Похоронен в Сталинградской области, деревня Кузьмичи. Примечание: погиб 23.09.1942 г.
Осипов Терентий Кононович 1920 с. Чакырга тѳрѳѳбүт. Сэриигэ ыҥырыллан 1942 с. олунньу 27 күнүгэр ылбыт бааhырыытыттан ѳлбүт. Волгоградскай уобалас Дудовскай оройуонун Сусодскай тимир суол станцияҕа кѳмүллүбүт.
Кириллин Алексей Семенович — 1911 с. төрөөбүт. Наахара Олом‑Күөлэ, Молотов аатынан холкуос чилиэнэ. 04.09.1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт. 13.06.1942 с. өлбүт. Саратовский уобалас Саратов куорат кылабыыһатыгар көмүллүбүт.