Проект программатын кытта билсиһиннэрдэ — Сахаайа Чирикова, бырайыак сүрүн куратора.
“Уу сүдү суолтата. Муус уутун иһии туһунан», “Киһи этин-сиинин чэбдигирдэр туһалаах сүбэлэри. Ыраас бородууктаннан сөпкө астанан аһааһын туһунан сүрүн ньымалары кытта билсиһии». — Варвара Семенова, бырайыак салайааччыта, эмтээх үүнээйилэргэ, сөпкө аһааһыҥҥа (натурохакинг) специалиһа билиһиннэрдэ.
“Доруобай аһылыгы астыырга сөптөөх иһити таларга сүбэлэр. Араас доруобай, иҥэмтиэлээх аспытын сөптөөх иһиккэ бэлэмнээһин ньымаларын” — Алена Павлова, остеопат, музыка учуутала.
Семинарга сылдьыбыт дьон:
— проект программатын туһунан
— уу киһиэхэ сүдү суолтатын, уу свойстватын туһунан, муус уутун иһии туһатын туһунан
— киһи этин-сиинин чэбдигирдэр күннээҕи сүбэлэр, ханнык уонна хайдах эбииликтэри сиир туһунан сүбэлэр, буортулаах астар тустарынан о.д.а.
— араас доруобай, иҥэмтиэлээх аспытын сөптөөх иһиккэ бэлэмнээһин ньымаларын туһунан сиһилии элбэ5и биллилэр.
Семинарга сарсыардаттан уһуктаат тугу гынарбытын, ханнык эбииликтэри күн устата сиирбитин амсайан, оҥорон көрдулэр. Токсиннары таһаарар, ас буһарар чэйи оҥорон, ол таһынан чэйдэри, сүрүн аһы дегустациялаан көрдүлэр.
Кэлбит дьон биир санаанан, киһи доруобуйата ас буһарар орган үлэтиттэн олус улахан суолталааҕын өйдөөтүлэр. Онно аһыыр аспыт сабыдыала сүрүн оруоллааҕа чахчы диэн буолла.