Site Loader

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бүгүн ийэ тыл күнүгэр анаммыт сахалыы дьыктаан ыытыллынна. Бу күн биһиэхэ күндү ыалдьытынан, биһиги биир дойдулаахпыт  Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат Олоңхотун ассоциациятын салайааччыта, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет «Лингвофольклористика» секторын научнай сотруднига, сектор сэбиэдиссэйэ Юрий Петрович Борисов буолла. Кини олоҥхоттон быһа тардан толордо, дьон сэҥээриитин ылла. Дьыктаан тиэкиһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Мария Дмитриевна Ноговицына аахта. Быйыл дьыктаан суруйуутугар хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи кэлэн кытынна. Биир дойдулаахтарбыт, күндү ааҕааччыларбыт биһиги тэрээһиммитигэр көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар ис сүрэхпититтэн махтанабыт, өрүү да маннык сахабыт тыла чэчирии сайдарыгар, кэнэҕэски ыччаппытыгар хааларын туһугар бука бары кыһаллыаҕын.

Автор поста: администратор сайта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять