Дата: 8 апреля 2022г.
Время: 15:00ч.
Библиотека: Амгинская центральная библиотека им.В.М.Новикова — Кюннюк Урастырова
Амматаа5ы киин библиотекаҕа, Сахабыт сиригэр Ийэ сылын чэрчитинэн «Далбар хотун чэгиэн олох туһугар» диэн сана проекка ыҥырабыт!
Проект программата:
08.04.2022 15:00 ч Сааскы чааһа «Ийэттэн саҕаланар дьиэ кэргэн чөл туруга»
1. Сөпкө аһаан испитин-үөспүтин чөлүгэр түһэрии. Ийэ оруола. Ый халандаара тыынар тыыннаахха туһата.
Семенова В. В.
2. Ханнык астары сөпкө буһаран аһаан доруобуйаны көннөрүөххэ сөбүн туһунан бэйэтин опытыттан үллэстэр Алексеева Т. С.
3. Эти — сиини массаж, тыыныы көмөтүнэн чэбдигирдии. Чирикова С. М.
Сайыҥҥы чааһа
1. «Сайыҥҥы кэмҥэ сөпкө аһааһын. Эмтээх оттору туһаныы.»
2.»Доруобуйаны харыстыыр, энергияны улаатыннарар ньымалар.
Күһүҥҥү чааһа «Күһүн сөпкө хаһаас оҥостуу. Тиэргэннэ от- мас олордуу.»
Кыһыҥҥы чааһа «Саҥа дьылы көрсөр кэрэ түгэнэ, түбүгэ.
Тэрээһини иилээн- саҕалаан ыыталлар: Сахаайа Чирикова — доруобуйа харыстабылыгар өр сылга улэлээбит медик. Билигин «Күөх ыллык» реабилитационнай центр массажиһа.
Варвара Семёнова — биологическай наука кандидатата, Институт биологии Ботаническай саадыгар үлэлиир. Эмтээх үүнээйилэр коллекцияларыгар куратор уонна бу проекка куратор.
Туйара Алексеева- аһылыкка модератор.
Кэлэн күндү истээччи буолуҥ, элбэҕи уонна туһалааҕы билиэххит.
Буолар сирэ: Амматааҕы киин библиотека уонна
ZOOM нөҥүө холбонуу.
Киирии босхо.
Көрсүһүүгэ суруйтарыы
+79681558486 Сахаайа Чирикова.