Саха сирин народнай поэта В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап өркөн өйүнэн, мындыр толкуйунан ыллыктаммыт бэргэн этиилэрэ, санаалара, сөбүлээн туттар тыллара
Олоҥхо – улуу айымньы. Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута, кини өйө – санаата – сырдыкка тардыспыт ыраас ыралара, үчүгэйгэ баҕарбыт үрдүк идеаллара – бука барыта олоҥхоҕо түмүллэллэр. Ол иһин, саха олоҥхото сүүһүнэн ахсааннаах үгүс сыл халыҥ хаардарыгар саптаран, хараҥа күөннэригэр күлүктэнэн умнуллан сүппэтэҕэ
Биһиги ийэ тылбыт – саха тыла киэҥ, дириҥ, муударай ис хоһоонноох, хомоҕой-ньымаҕай, имигэс формалаах, бэрт баай, дэлэй элбэх өҥнөөх, кырааскалаах, сүрэҕи өрүкүтэр, дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ – дьикти тыл
Көнө сүрүн, эйэҕэс майгы, ыраас суобас, кырдьыктаах тыл дьиҥнээҕэ биһиги дойдубутугар баар. Барыны кыайар баараҕай күүс, барҕа кыах, үрдүк дьулуур биһиги Ийэ дойдубутугар баар
Уус-уран литература – туох-ханнык иннинэ, тыл искусствота. Кини олоҕу обраһынан хартыыналаан көрдөрөр. Оттон обраһы буоллаҕына суруйааччы бэйэтин чувствотын, санаатын тылынан ойуулаан оҥорор, тыл күүһүнэн айар
Саха поэзията – киэҥ, дириҥ номохтоох, үрдүк уус-уран таһымнаах, нууччалыы уонна атын да бырааттыы норуоттар тылларыгар тылбаастаммыт, кыраныыссаа таһыгар кытта тахсыбыт үгүс айымньылардаах, сиппит-хоппут поэзия
Хайа баҕарар суруйааччы, поэт хайаан да тыл баайын, тыл ууһун көннөрү дьонтон ордук биһириэхтээх, кэрэхсиэхтээх, билиэхтээх, баһылыахтаах. Тыл ууһугар умсугуйуута суох, тыл күүһүнэн үлүһүйүүтэ суох – поэзия суох. Поэзия имэҥин, поэзия илбиhин, поэзия иччитин баай тыл, уус тыл, кэрэ тыл үөскэтэр – төрөтөр кыахтаах. Дууhа чуумпутун долгутар тыалы түhэрэр, сүрэх уотун уматар кыымы саҕар айымньылар айыллар биир сурук кистэлэҥнэрэ итинник
Саха тыла – наһаа баай, күүстээх, били этэргэ дылы, кырдьык да, имэҥнээх-илбистээх тыл!
Уус – уран литератураны – сөптөөх билии-көрүү, сайдыы – культура тас өттүнэн, ураты талааннаах, баай уонна уус тыллаах маастардар айаллар
Оскуола оҕолоро, ыччат бүтүннүү Ойуунускайы ааҕыахтаах, билиэхтээх, Ойуунускайынан үлүһүйүөхтээх, Ойуунускайга умсугуйуохтаах. Ойуунускай поэзиятын саха оҕото ийэтин үүтүн кытта бииргэ этигэр-хааныгар иҥэриэхтээх
Ойуунускай саха норуотун улуу поэта, — саха уус-уран тылын улуу маастара. П.А. Ойуунускай литератураҕа, тылга – биһиги национальнай киэн туттуубут!
Күүдээринэ күүрээн
Ханнык да поэт, суруйааччы бэйэтэ туспа үрдүк таҥаралаах, үҥэр айыылаах буолуохтаах. Мин үҥэр айыым, үрдүк таҥарам – А.С. Пушкин. Улуу поэты мин оччо таптыыбын, ытыктыыбын, билинэбин, биһириибин. Мин соҕотохпор, түүн күнүс кини аатын мэлдьи сибигинэйэн эрэ ааттыыбын
Кучу-мачы хоһооннор
Айылҕа ис хоһоонун баайа, араас өҥө-кырааската, эгэлгэ кэрэтэ, мэлдьи киһиэхэ саҥаттан саҥа өттүнэн арыллан иһэр. Онон, мин эрэ да буолуом дуо, поэттар бука бары, сибэккини, сэбирдэҕи, күнү, күөрэгэйи, сааһы, сайыны, туойбут-хоһуйбут аххан бэйэлэрэ, туойа-хоһуйа да туруохтара! Туругурдун айылҕа маҥнайгы хаарыттан барабыай чыычааҕар тиийэ!
Амма Аччыгыйа – киһи дууһатын уйаҕастан уйаҕас кылларын таарыйар, дьон сүрэҕин нарынтан нарын, намчыттан намчы иэйиилэрин, сылаанньыйыыларын этэр дьиҥ чахчы улахан художник. Кини дьон сүрэҕин таастыйыыттан харыһыйар, дьон дууһатын тымныйыыттан өрүһүйэр сымнаҕас, сылаас тыл, истиҥ, киһилии сыһыан чулуу, туйгун ырыаһыта
Күн уота, салгын, уу киһи эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар, доруобай буолуутугар муҥура биллибэт суолталаах эбит буоллахтарына, поэзия, музыка, живопись киһи дууһатын, сүрэҕин ырааһырдар, чэбдигирдэр, өйүн-санаатын сайыннарар духовнай культуратын байытар аналлаахтар
Саха суруйааччыларын – поэттар, прозаиктар, драматурдар саамай сүрүн сорукпут – билиҥҥи олоҕу, билиҥҥи дьону кырдьыктаахтык, дириҥник, ааҕааччыны астыннарар, долгутар, ааҕааччыга биһирэтэр гына үрдүк уус-уран таһымнаахтык, толору-ситэри ойуулаан көрдөрүү
Эйэ иһин охсуһуу – сир үрдүгэр олох иһин, инники сайдыы өлбөт соргу иһин охсуһуу!
Күн уотун сылааһа-куйааһа, күн күүһэ окко-маска иҥэрин кэриэтэ, тылга былыр-былыргаттан норуот кута – сүрэ, өйө – санаата, норуот духовнай күүһэ иҥэн хаалбыт
Суруйааччы, поэт бэйэтин саныыр санаатын уус тыл күүһүнэн, уус тыл «илбиһинэн» имэҥнээн, кини үөрэ-дьүөрэ дорҕоонунан, ойуулаах – оһуордаах симэҕинэн киэркэтэн ааҕааччыга этэр, тириэрдэр. Поэзия күүрдэр күүһэ, кэрэхсэтэр кэрэтэ, минньигэс мүөтэ – саахара оччоҕо эрэ үөскүүр, оччоҕо эрэ айыллар
Саха литературата баарын тухары Платон Ойуунускай өрүүтүн кини киэн туттуута, албан аата, кэрэ киэргэлэ буола туруоҕа. Саха тыла баарын тухары кини аатын кэнэҕэски көлүөнэлэр мэлдьитин истиҥник, долгуйуулаахтык, тапталлаахтык ааттыахтара, ахтыахтара
Суруйааччы идэтэ – айар идэ диэн, уопсайынан, наһаа кыбыстанньаҥ, кийииттэнньэҥ айылҕалаах, уос ботугурууруттан, харандаас хамсыырыттан ураты тугу да билиммэт, атыҥҥа барытыгар атахтатар-мэһэйдэтэр, олус номоҕон-чуумпу, симик-сэмэй, нарын-намчы идэ. Ол идэни баһылыырга, аакка киирбит, эриэккэс-кэрэ муза барахсан кутун-сүрүн тутарга, сүрэҕин-быарын абылыырга сэмэй, номоҕон уонна истиэххитин баҕардаххытына, өссө кырасыабай дууһалаах буолуохха наада!
Киһи идеалын, киһи характерын … дьоҥҥо ордук үгэс буолбут черталара диэн манныктар дии саныыбын мин: мэлдьи көнө, чиэһинэй буолуу, кырдьык иһин турунуу, төрөөбүт норуокка, Ийэ сиргэ толору бэринии, өрүүтүн үчүгэйгэ, үрдүккэ дьулуһуу, ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон толлубат эр санаа, модун тулуур
Мин идеал оҥостобун, улахан тыллары туттубакка эттэххэ, үчүгэй үлэһит, дьиҥ-чахчы көнө, сэмэй, доруобай өйдөөх-санаалаах киһини
Түмэппийи аҥардас олоҥхоһут эрэ диэн ааттыахха түктэри. Кинини олоҥхоттон, ырыаттан, таабырыҥҥа, чабырҕахха, өс хоһоонугар, ол-бу бары эгэккэ-дэгэккэ диэри тиийэ билэр, саха норуотун уус-уран айымньытын бүтүннүүтүн сүһэн ылбыт, кыайа тутан баһылаабыт, этэр тыл киэнэ дьиҥнээх уһулуччулаах маастара буолар. Чээбий чахчы үрдүк талааннаах киһи этэ!
Биһиги таптыахтаахпыт бу күндү үчүгэй, төрөөбүт ийэ дойдубутун. Таптыахтаахпыт кинини бүтүннүү, тугун барытын ордорбокко. Таптыахтаахпыт күҥҥэ күлбүт күөлүн ньуурун, кутуллубут астаах куолас бурдугун, хамсыы турар хатыҥын сэбирдэҕин. Таптыахтаахпыт күһүнүн, сааһын, күнэ киирэрин-тахсарын, көтөрүн-сүүрэрин. Таптыахтаахпыт – сүүрүктээх үрэхтэрин, таас хайаларын, хара тыаларын – халыҥ систэрин
Айхал буоллун, эһиэхэ, ахтар Аммам дьонугар! Сайдан-тыыллан иһиэххэ саҥа саргы туһугар!
Саха ырыата сатарыа, саха саҥата саргылыа!
Олус да кэрэ олох диэн, дьиҥэ!
Хоһооннорум миэннэрэ –
Дьиҥнээх бэйэм киэннэрэ!
Олоҕу кытта хаамсыахха, олоххо дьолу айсыахха!
Күнү күүскэ таптыаҕыҥ,
Күҥҥэ ырыа ыллыаҕыҥ,
Күнү ыра гыныаҕыҥ,
Күнтэн кыахта ылыаҕыҥ.
Өрүү күннээх буолуоҕуҥ,
Үрдүү-күннүү туруоҕуҥ!
Саллар саас тухары олоххо
Саханы үрдэтиэ олоҥхо.
Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,
Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө
Литература, поэзия, туох ханнык иннинэ, тыл искусствота. Тыл өйтөн үөскүүр буолан ис хоһоонноох, сүрэхтэн этиллэр буолан иэйиилээх
Ырыаларым – ымыыларым,
Ыраас, сырдык ыраларым
Дьахтар таҥаралаах буолуҥ, мин дьахтар таҥаралаах буолан киһи курдук сылдьабын
Эн төһө да мөккүс, этис, кыыһырыс, — киниэхэ сатаан өстөммөккүн, сотору умнан кэбиһэҕин, өһүллэн-сөллөн хаалаҕын. Суохтаабытынан бараҕын, эмиэ көрүөххүн-кэпсэтиэххин, мөккүһүөххүн, түҥ-таҥ эргитиэххин, устунан муҥура суох күлүөххүн-салыаххын, балыыҥкалаһыаххын баҕараҕын