1992 сыл

Эмис нэһилиэгин олохтоох  оскуолатыгар Саха народнай  поэта Күннүк  Уурастырап аата иҥэриллибитэ;

1997 сыл

1997 сыл –  бу сылтан поэт  айымньыларын үйэтитэр сыаллаах Амматааҕы киин библиотека методическай отделын тэрийиитинэн  улуустааҕы Күннүк Уурастыырап Ааҕыылара                (Александрова Т.Т.) тэрээһиннээхтик  ыытыллан кэллилэр;  

2002 сыл

2002 сыл – Амматааҕы киин библиотека методическай отделын иһинэн Саха народнай поэта В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап литературнай фондата тэриллибитэ;

2007 сыл

2007 сыл – Саха народнай поэта В.М.Новиков – Күннүк  Уурастыырап төрөөбүтэ 100   сылыгар,  хас эмэ сыллаах үлэ түмүгүнэн,  “Саха народнай поэта В.М.Новиков –  Күннүк Уурастыырап” биобиблиографическай ыйынньык бэлэмнэниллэн     тахсыбыта (Дьокуускай., 2007).  Бу  ыйынньык  оҥоһуутугар  библиотека директора  Макарова С.Е. уонна  методистар   Александрова Т.Т., Конникова В.Г. үлэлээбиттэрэ;

2007 сыл

Саха  Республикатын Национальнай библиотекатын (Алексеева А.Н) уонна Амма  киин  библиотекатын (Макарова С.Е.) проектарынан “Уйэлэр  куоластара” сериянан “Уран  тыл ууһа” икки  дискэ таһаарыллыбыта;

2008 сыл

             

2008 сыл — Күннүк  Уурастыырап  кинигэлэрин  киэҥ эйгэҕэ – интернеткэ таһаарарга оцифровкалыыр анал  оборудование  наада буолан, республикатааҕы  бырайыактар конкурстарыгар  кыттан “Создание  электроннай   библиотеки  литературного   наследия  народного  поэта Якутии  В.М. Новикова – Кюннюк Урастырова ” бырайыак    (Александрова  Т.Т.) Грант ылан  поэт электроннай библиотекатын  тэрийии үлэтэ саҕаламмыта; 

 

2012 сыл

2012 сыл – Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 105 сылыгар “Күннүк хайата” бэлиэтэ сурук туруоруллубута.

2017 сыл

2017         – Саха народнай  поэта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап аатын улуустааҕы  киин библиотекаҕа иҥэриллибитэ;

2017 сыл

   Амма нэһилиэгэр Саха народнай  поэта Владимир  Михайлович  Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан уулуссаҕа сквер тутуллубута;

2017 сыл

 Хас   сылын аайы    Саха  народнай поэта Күннүк  Уурастыырап төрөөбүт күнүгэр – ыам ыйын  9   күнүгэр- улуус бары библиотекаларынан  Бары бүттүүн  ааҕыы күнэ” бырайыак (авт.Александрова Т.Т.) ситиһиилээхтик  ыытыллар.

2017 сыл

    Биир сонун бырайыагынан эдэр ыччаттарга туһуланар  саҥа технологияны туһанан оҥоһуллубут  “Читаем Күннүк Урастырова  бырайыак (авт. Ларионова Ю.М.) буолар. Стендэ  оҥоһуллан Күннүк Уурастыырап аатынан уулусса  скверыгар  туруоруллубута.


 2015 – 2017 с.с. Владимир  Михайлович  уолун Владимир Владимировиһы кытта авторскай быраапка договор түһэрсэн,  Саха Республикатын Национальнай библиотекатын электроннай библиотекатыгар  поэт айымньылара  киллэриллибиттэрэ. Кини  аатын  сүгэр  Амматааҕы  киин  библиотека  сайтыгар  поэт   айымньыларын  киллэрэн  2017 сыллаахха Күннүк электроннай библиотеката  тэриллибитэ.