Автор: администратор сайта

Сэтинньи 28 күнүгэр, Амматааҕы киин бибилэтиэкэҕэ дьоһун күн тосхойдо

Хоһоонньут, тылбаасчыт Егор Андреев-Хоһуунай «Алтылҕан кустуга» саҥа кинигэтэ бар дьонугар сүрэхтэннэ, биһириини ылыан ылла. Ырыалара абылаатылар, хоһооннорун хото аахтылар. Кыттыыны ыллылар Ларионов Н.А. — улуус баһылыгын соц. боппуруостарга солбуйааччыта, Шишигин А.В. — Сатаҕай тыа сирин түөлбэтин баһылыга, Айар абылаҥнар, үһүс көлүөнэ ытык дьоммут.   Вероника Стручкова

Автор администратор сайта 29.11.2025 0

Итоги улусного ежегодного конкурса информины виртуальных книжных выставок «Память сквозь страницы: к 80-летию Великой Победы» между библиотеками МКУ Амгинской МЦБС

Улусный смотр-конкурс проводится ежегодно справочно-библиографическим отделом Амгинской центральной библиотеки им. В.М. Новикова-Кюннюк Урастырова. Целью конкурса является популяризация чтения, а также повышение интереса к истории Отечества с помощью выставочной деятельности библиотек.          Основные задачи конкурса: — повышение престижа библиотеки; — продвижение библиотеки в соц. сетях; — привлечение виртуальных пользователей; — привлечение читателей в библиотеку; — раскрытие…

Автор администратор сайта 27.11.2025 0

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Cофронов – Алампа сэтинньи 14 күнүгэр — төрөөбүт күнэ

Алампа (Cофронов Анемподист Иванович) (14.11.1886—24.10.1935) — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. 1886 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ — Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүт. Ийэтэ суох улааппыт. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбит. 1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыакка наборщигынан үлэҕэ киирбит Олоҕун олуктара 1886 сыл сэтинньи 14 күнүгэр Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ — Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүт. Ийэтэ…

Автор администратор сайта 14.11.2025 0

Сэтинньи 6 күнүгэр Саха норуотун тапталлаах суруйааччыта, драматург Василий Егорович Васильев — Харысхал 75 сылын бэлиэтиир дьоһун мааны күнүгэр Соморсуҥҥа улуустааҕы «Харысхал ааҕыылара» оскуола оҕолоругар ыытылынна

Барыта 26 оскуола үөрэнээччилэрэ Сэргэ — Бэстэн, Соморсунтан, Мээндигиттэн, Бөтүнтэн, Амматтан кытыннылар. Кыайыылаахтар Лауреат үрдүк аатын сүктүлэр, анал дипломунан, бириистэринэн наҕараадаланнылар. Өйдөбүнньүк бэлиэ күҥҥэ Бураев В.И. — Амма улууһун (оройоунун) баһылыгын бастакы солбуйааччыта, Колосов В.В. — Улуус депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ, Прокопьев П.Е. — Амма улууһун библиотечнай тиһик директора эҕэрдэлэрин эттилэр. Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кылаабынай библиотекара…

Автор администратор сайта 07.11.2025 0

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр Саха народнай суруйааччыта, Саха Республикатын Духуобунас Академиятын академига, ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын Учууталларын учуутала, Амма улууһун Соморсун, Мээндиги, Мэҥэ — Хаҥалас улууһун 1 Тыыллыма, Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэктэрин, Амма улууһун бочуоттаах гражданина, прозаик, драматург Василий Егорович Васильев – Харысхал төрөөбүтэ 75 сыла

Василий Егорович Васильев – Харысхал, Саха Республикатын Духуобунас Академиятын Академига, 1986 сылтан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Суруйааччыларын союһун, АЛРОСА Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, СР Бастакы Президенэ М.Е.Николаев Фондатын бириэмийэтин лауреата, Саха Республиктын Учууталларын учуутала, Амма улууһун Соморсун, Мээндиги, Мэҥэ – Хаҥалас 1 Тыыллыма, Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэктэрин, Амма…

Автор администратор сайта 06.11.2025 0