Бүгүн сэтинньи 6 күнүгэр биир дойдулаахпыт, Саха народнай суруйааччыта, прозаик, драматург, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Егорович Васильев — Харысхал төрөөбүтэ 74 сыла. Кини Россия суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, биллиилээх драматург, чинчийээччи, общественнай деятел, СӨ Духуобунас Академиятын академига, Россия Улахан Литературнай бириэмийэтин лауреата, Амма, Хаҥалас улуустарын, Соморсун, Мээндиги, Тыыллыма, Тиит Арыы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Учууталлар учууталлара, СӨ бастакы президенэ М.Е. Николаев «Республика Албан аатын иһин» фонда бириэмийэтин лауреата, Аммалар киэн тутта ааттыыр ытык киһибит буолар

Кини «Аммаҕа саас этэ (1992)», «Сир ыарыыта (1997)», «Ааспыт кэм аартыктарынан (2002)», «Таптыыр, ахтар дьоннорум…